«Аман ѳс» күрэх тохсус сылын ыытылынна
Оҕо төрөөбүт тылынан саныыр санаатын, тугу билбитин-көрбүтүн сааһылаан кэпсиир үөрүйэҕин сайыннарарга, тылы дириҥник билэригэр, табатык, өйдөнүмтүөтүк таска саҥарыы үөрүйэхтэрин иҥэринэригэр туhаайан Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолатын алын сүhүѳх кылаастарын учууталлара көҕүлээhиннэринэн «Аман ѳс» күрэх куорат оскуолаларын сахалыы 3 уонна 4 кылаастарын үөрэнээччилэрин икки ардыгар тохсус сылын ыытылынна.
Бүгүн 10 оскуолаттан 16 о5о күөн көрүстүлэр: 1,17, 26, 27, 29,31, 38 №-дээх орто оскуолалар, ЯГНГ, «Айыы кыhата», Саха гимназияттан, СПЛ кыттыыны ыллылар.
Тыл этии үс түhүмэҕинэн барда:
I түhүмэх – эрдэттэн бэриллибит “торообут торут тылым” тиэмэ5э тыл этии.
II түhүмэх – эрдэттэн бэриллибит тиэмэлэртэн
“Дойдуга бэриниилээх буолуу диэн тугуй?”,
“Улэ киьини киэргэтэр”,
“А5ам- дурдам-хаххам”
талан ылбытыгар тыл этии.
III түhүмэх – соhуччу бэриллибит тиэмэ5э тутатына тыл этии.
О5олор тыл этэллэригэр бэйэ тылынан уустаан – ураннаан кэпсиир, тыл этии ис хоhоонун бэйэ толкуйунан, ѳйдөрүнэн – санааларынан этэр дьоҕурдара биhирэннэ.
Куорат оскуолаларын сахалыы кылаастарын үөрэнэрээччилэрин икки ардыгар ыытыллар "Аман өс" күрэх түмүгэ:
3 кылаастар
Муҥутуур кыайыылаах - Федотов Марк, Саха гимназия
2 миэстэ - Григорьева Вика, СПЛ
3 миэстэ - Скрябин Айдаар, Дьокуускай куорат 31 нүөмэрдээх оскуолата
Анал ааттар
Дорҕоонноох этээччи - Дьячковская Амелия, Дьокуускай куорат 1 нүөмэрдээх оскуолата
Төрөөбүт тылга дьулуур - Никитина Мичийээнэ, ЯГНГ
Кэскиллээх этээччи - Александрова Валерия, НГ "Айыы кыһата"
Саҥа аат - Максимов Эрик, Дьокуускай куорат 17 нүөмэрдээх оскуолата
4 кылаастар
Муҥутуур кыайыылаах - Васильева Алеся, 38 нүөмэрдээх оскуолата
2 миэстэ - Саввинов Сайдам, Саха гимназия
3 миэстэ - Тарасова Кира, Дьокуускай куорат 1 нүөмэрдээх оскуола
Анал ааттар
Итэҕэтиилээх тыл-өс - Кычкин Олег, Дьокуускай куорат 31 нүөмэрдээх оскуолата
Төрөөбүт тылга дьулуур - Егоров Сайаан, Дьокуускай куорат 27 нүөмэрдээх орто оскуолата
Кэскиллээх этээччи - Туди Сайа , Дьокуускай куорат 26 нүөмэрдээх орто оскуолата.
Саҥа аат - Джунько Коля, Дьокуускай куорат 17 нүөмэрдээх оскуолата
Уран тыл-өс -Баишева Айаана, Дьокуускай куорат 26 нүөмэрдээх оскуолата.
Алгыстаах этээччи - Дьяконов Дуолан, Айыы Кыһата.
Дьүүллүүр сүбэ тыл этээччилэр туттан – хаптан туралларын, тыл этии тэтимин, куолас эгэлгэтэтин, киэҥ эйгэҕэ саҥарар үөрүйэхтэрин, санааларын толору этэллэрин учуоттаатылар
Кыттааччыларга эҕэрдэ! Сахалыы санарыҥ, сайдыҥ!
Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолатын алын сүhүѳх кылаастарын учууталлара