“Мичээр” уһуйааҥҥа методическай нэдиэлэ буолан ааста
Тохсунньу 16-20 күннэригэр Дьокуускай куорат Оҕону сайыннарар киинигэр - 82 №-дээх “Мичээр” уһуйааҥҥа Арассыыйаҕа Педагог уонна үлэҕэ уһуйааччы сылыгар, Саха сиригэр Үлэ сылыгар аналлаах “Төрүт эйгэ – Ийэ тыл – Дойдуга таптал” оҕо иитиитин тула педагог, үлэҕэ уһуйааччы, төрөппүт ситимнээх алтыһыылара” диэн тиэмэлээх методическай нэдиэлэ буолан ааста. Методическай нэдиэлэ уопсай тиэмэни ырытарга уонна уопут атастаһарга биир санаалаах дьону түмэр нетворкинг-сессия халыыбынан тэрилиннэ.
Нэдиэлэ “Айыы холумтанын бөлөххө уонна дьиэ кэргэҥҥэ олохсутуу – Айыы санааны оҕоҕо иҥэрии” диэн маастар-кылаастан саҕаланна. Маастар-кылааска Россия суруналыыстарын Союhун чилиэнэ, Айыы үөрэҕин дьөһүөлдьүтэ, «Кут-сүр» оскуолатын салайааччыта, “Айыы кыһата” НГ төрүт култуураҕа учуутала, үлэҕэ уһуйааччыбыт Анатолий Николаевич Павлов – Дабыл үлэтин уопутун үллэстиннэ, “Холумтан тула” иитэр эйгэ бырайыагынан үлэбит сүнньүн ыйан-кэрдэн биэрдэ, ыйытыыларбытыгар хоруйдаан суолбутун тэлийдэ. Иитээччилэр Жерготова Аида Иннокентьевна, Васильева Анна Васильевна Айыы холумтанын бөлөххө олордуу холобурун маастар-кылаастаан иитээччилэргэ, специалистарга көрдөрдүлэр.
Уһуйааҥҥа сахалыы эйгэни тэрийии тула сүрүн иитээччи Неустроева Антонина Афанасьевна, иитээччилэр Урбагаева Мария Ивановна уонна Чемезова Сардана Алексеевна педагогтарга сүбэлэрин биэрдилэр, үллэрин уопутун көрдөрдүлэр.
Уһуйааммытыгар үлэҕэ уһуйааччыларбыт кэлэн ыалдьыттаатылар. Ол курдук, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай универститет Педагогическай институтун Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин кафедратын доцена, педагогическай билим хандьыдаата Божедонова Анна Петровна “Кыра саастаах уһуйаан иитиллээччилэрин хоролуу саҥардыы” уонна С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педаггическай колледж Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын сэбиэдиссэйэ Скрябина Анисия Агитовна “Тыл сайдыытын сүрүн соруктара” диэн тиэмэлээх лекцияларынан педагогтарга билиилэри иҥэрдилэр, ылыннарыылаах тылларынан ыйан-кэрдэн биэрдилэр.
Уһуйааммыт уйулҕа туругун тупсарааччы педагогтара Турантаева Анна Николаевна, Павлова Анна Петровна “Саҥа күүһүнэн саҥа саҕахтары арыйыы” диэн үлэ көҕүн үрдэтэр тренинг ыытаннар бэйэ-бэйэбитин өссө чугастык билистибит, туруоруммут сыалбытын-сорукпутун ситиһэргэ биир сомоҕо буоларбытыгар түмсүү төрдүн олохтоотулар.
Тохсунньу 20 күнүгэр “Ийэ тыл биһиктэрэ – дьиэ кэргэн уонна уһуйаан” диэн тэрээһиҥҥэ уһуйаан төрөппүттэрин Сүбэтэ, “Тойон сүбэ” аҕалар, “Күн күбэй” ийэлэр түмсүүлэрэ уонна иитээччилэр мустаммыт: “Хайдах гынан, тугу оҥорон дьиэ кэргэҥҥэ уонна уһуйааҥҥа өбүгэ үгэһигэр тирэнэр, ийэ тылга бигэнэр төрүт эйгэни олохтооммут оҕолорбутун атахтарыгар туруорар, сүһүөхтэригэр үктэннэрэр, саха буолар гына салайар, киһи буолар гына кэскиллиир ситимнээх үлэбитин, аартыктаах алтыһыыбытын тэрийэбит?” - диэн ирэ-хоро кэпсэттибит, баар кыһалҕалары ырыттыбыт. Оҕо, төрөппүт, педагог бэйэлэрин салайынар Сүө тылларын толкуйдаан суруйдубут уонна ону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ туттарга, олоххо киллэрэргэ туһаайыллар бырайак барылын оҥордубут. Олунньу ыйга атын уһуйааннар төрөппүттэрин сүбэлэригэр маастар-кылаас халыыптаах тэрээһини ыытары сүбэлэстибит.
Методическай нэдиэлэҕэ көхтөөх кыттыыны ылбыт төрөппүттэрбитигэр, соргулаах сүбэлэринэн күүс-көмө буолар үлэҕэ уһуйааччыларбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Бу тэрээһин түмүгэр саҕыллыбыт санаалар, былааннаммыт үлэлэр олоххо толору киириэхтиннэр! “Педагог + Үлэҕэ уһуйааччы + Төрөппүт = Оҕо” айымньылаах алтыһыы аартыга арылыннаҕын, соргулаах ситим төрдө олохтонноҕун буолуохтун!
Дьокууска куорат 82 № “Мичээр” уһуйаан