«Төрөөбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэҕэ
А.Г. уонна Н.К Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүнэн, Саха бастакы ученай-лингвиһэ С.А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр - Ийэ сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр, Ааҕыы сылынан, «Ааҕыы көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн ыыппыт, «Төрөөбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ» диэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэҕэр Сахабыт сирин араас улуустарыттан: Орто Халыма, Өлөөн, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас уонна Дьокуускай куораттан, айымньылаахтык ааҕыыны көҕүлүүр дьиэ кэргэттэр кыттыыны ыллылар. Хас биирдии дьиэ кэргэн бэйэлэрин уустаан-ураннаан билиһиннэрдилэр, бииртэн-биир сонун үлэлэри, ааҕыылары көрдөрдүлэр.
Бу үс түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаахтары билиһиннэрэбит:
Кылаан Чыпчаал кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар Анна Петровна, Максим Прокопьевич, Кира, Самаана, Арылхан Андросовтар дьиэ кэргэн, «А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията» «Сэргэлээх» лаборатория-оскуола.
I миэстэ – Дария Иннокентьевна, Иван Васильевич, Алина Тарбаховтар дьиэ кэргэн, Өлөөн улууһун «Х.А. Христофорова аатынан Харыйалаах орто оскуолата».
II миэстэ – Мотрена Алексеевна, Александр Иванович, Сандаара Алексеевтар дьиэ кэргэн, Бүлүү улууһун «А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолата».
II миэстэ – Зинаида Николаевна, Егор Михайлович, Артем,Андриан, Ариан Прокопьевтар дьиэ кэргэн, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун «С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата».
II миэстэ – Маргарита Николаевна, Тимур Спирирдонович, Дамир, Туймаада Васильевтар дьиэ кэргэн, Орто Халыма улууһун Хатыҥнаах орто оскуолата.
III миэстэ – Мария Ивановна - эбээ, Василий Егорович- эһээ, Вероника Васильевна, Байдам Павловтар дьиэ кэргэн, «А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията».
III миэстэ – Сардана Иннокентьевна,Андрей Андреевич,Айысхан, Уйусхан, Эрхан, Сандара, Дайаана, Айсаана, Дьулусхан Павловтар дьиэ кэргэн, Дьокуускай куорат 17№-дээх оскуолата.
III миэстэ – Кирсан, Софрон, Аня Скрябиннэр дьиэ кэргэн, «А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията».
Бары кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэттэргэ истиҥ эҕэрдэбитин, махталбытын тиэрдэбит.
Төрөөбүт тылбыт барҕа баайыттан,
Көлүөнэни ситимнээн,
Эдэр ыччакка иҥэн-тоҥон үөрэтиэҕиҥ,
Сүдү тыл алыбын күүһүн эккэ-хааҥҥа иҥэриэҕиҥ!
Анна Соловьева.