Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэртэн сонуннар
Сэбиэскэй Сойуус Геройа Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар,төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах ,айымньыны уус-ураннык ааҕыыга Өрөспүүбүлүкэтээҕи
“Уран тыл”, куйаар ситиминэн күөн-күрэс.
Олунньу 13 күнүгэр, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын Үөрэх управлениятын салаатын Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тыыннаах тыл” бырайыагын киинэ,Дьокуускай куорат, Таатта саха тылын уонна литературатын учууталларын түмсүүтэ, Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ МБТ «Арчы дьиэтэ» духуобунай культура киинэ Сэбиэскэй сойуус геройа Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар,төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах ,айымньыны уус-ураннык ааҕыыга Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Уран тыл”, куйаар ситиминэн күөн-күрэс ыытылынна.
Тэрээһин сыала:
- Төрөөбүт норуотун ийэ тыынын иитийэхтээбит сахалыы саҥнаах,айыы тыыннаах киһини иитии.
- Уус-уран айымньы духуобунай ис күүһүн,кэрэтин оҕо бэйэтигэр тус суолталаахтык ылынар кыаҕын сайыннарыы.
Бу тэрээһиҥҥэ Тааттаттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Кэбээйиттэн,Горнайтан, Аллараа Халыматтан,Орто Халыматтан ,Сунтартан, Абыйтан, Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан, Тулагы орто оскуолата, көхтөөхтүк кытыннылар.
1 Үрдэл - №38, №20 оскуола, Уус –Алдан Тумул , Таатта, Чурапчы, Кэбээйи орто оскуолалара.
2 Үрдэл – Тулагы,Таатта,Бэдьимэ,Сунтар,Мэҥэ –Хаҥалас орто оскуолалара.
3 Үрдэл – Таатта, Кэбээйи, Тулагы, Орто Халыма,Сунтар, Дьокуускай куорат оскуолалара.
Онон күргүөмүнэн турунан кустук өҥнөөх саха тылын ыччакка тиэрдэр олук уурулунна. Кыттыбыт оскуолаларга махталбытын тиэрдэбит.
“Үтүө киһи аата үс үйэҕэ ааттанар” өс хоһоонугар 5-6 кылаастарга аналлаах олимпиада
Олунньу 13 күнүгэр ,Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын Үөрэх управлениятын салаатын Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тыыннаах тыл” бырайыагын киинэ,Дьокуускай куорат, Таатта саха тылын уонна литературатын учууталларын түмсүүтэ Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үтүө киһи аата үс үйэҕэ ааттанар” өс хоһоонугар 5-6 кылаастарга аналлаах олимпиада ыытылынна.
Сыала;
-Өс хоһооҥҥо олоҕуран оҕону сиэр-майгы өттүнэн иитии.
-Үтүө санааҕа угуйуу.
-Оҕо айар дьоҕурун сайыннарыы.
Уопсайа 230 үөрэнээччи кыттыбытыттан,74 үөрэнээччи олимпиада кыайыылаахтара,анал аат хаһаайыннара буоллулар.
Дьокуускай куорат,Таатта, Тулагы,Нам,Кэбээйи,Горнай, Уус-Алдан,Мэҥэ-Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Чурапчы уо.д.а. улуус орто оскуолалара кытыннылар.
Өс хоһооно этиилэригэр киэҥник тутта сылдьыбыт кэмнээхтэрэ бу күөн – күрэстэн көһүннэ, сахалар оҕолорун иитэр биир суол ньымалара буоларын таһынан, уус тыллаах саха дьоно күннээҕи кэпсэтиилэрин, хаһан эрэ өс хоһоонун туттуу киэҥник тутта сылдьыбыт кэмнээхтэрэ бу олимпиада туоһулаата.
Өс хоһооно айыллар уус-уран ньымаларын быһаарыы түһүмэҕэр,өс хоһоонун ханыылыы тутулугар болҕомтону туһаайыы, уус-уран кэрэхсибилин оҕоҕо тиэрдэр сыаллаах айымньылаах үлэ тэрилиннэ.
Күндү үөрэнээччилэр, учууталлар, олимпиадаҕа көхтөөхтук кыттыбыккытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.