Оҕо айымньытын дыбарыаһа олоҥхо ыйын киэн хабааннаахтык, саҥаттан саҥа ис хоһоонноох бэлиэтиир
Олоҥхо сирдиир үрдүккэ,
Олоҥхо сирдиир сырдыкка...
Норуоппут киэн туттар бөдөҥ айымньыта – Олоҥхо бүтүн аан дойду үрдүнэн киһи –аймах чулуу (шедевр) айымньыта диэн билиниллибит өрөгөй күнүттэн номнуо 15 сыл ааста. Бу сыллар тухары Олоҥхо муҥура биллибэт баай ис хоһооно кэнчээри ыччаты иитии-үөрэтии сүрүн түһүлгэтинэн буолан кэллэ. Үтүө үгэс быһыытынан сылтан сыл “Ф.И. Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһа” олоҥхо ыйын киэн хабааннаахтык, саҥаттан саҥа ис хоһоонноох бэлиэтиир. Ол курдук бу ый 21 күнүгэр Олоҥхо декадатын арыйыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Декада арыллыыта алгыс тылынан арчыланна. Алгысчыт - Виктор Игнатьев хомоҕой хоһоон, ылбаҕай ырыа, дьүрүскэн тойук тылынан оҕо иитиитигэр туһаайыллар үлэ-үөрэх ситиһиилээх буоларын түстээтэ.
Олоҥхо декадатын арыйыы үөрүүлээх чааһын сэргэ былыргылыы хабылыкка, хаамыскаҕа оскуолалар икки ардыларыгар онлайн- күөн күрэс Анжелла Тимофеевна Андросова салайыытынан ыытылынна.
Түмүккэ кыайыылаахтарынан, СКОШ-И №34 – 1 миэстэ, СОШ №7 – 2 миэстэ, Айыы кыһата – 3 миэстэ буоллулар. Сахалыы остуол оонньууларын Федерациятын президенэ Ольга Григорьевна Григорьева Хабылык, хаамыска оонньуута киэн эйгэҕэ сыаналанарын, оҕону эрэ буолбакка хас биирдии саха киһитин өйүн-күүһүн сытыылыырыгар, эрчийэригэр ураты суолталааҕын бэлиэтээн эттэ.
Зоя Сысолятина: “Олоҥхо саха киһитин араҥаччылыыр, арчылыыр сүдү күүстээх!” – диэн дириҥ ис хоһоонноох этиитин үс куппутунан ылынан, иҥэринэн, сайдар сайдам аартык суола оҥоһуннахпыт буоллун! Саханы саха дэтэр Олоҥхо сүдү күүһүгэр сүгүрүйэн, кэлэр кэнэҕэс кэнчээри ыччаты иитэр эркээйилээх суол оҥоһуннахпыт буоллун!
Олоҥхо декадата аһыллыытын видеотун Оҕо дыбарыаһын YouTube-каналыгар ссылканан киирэн көрүөххүтүн сөп https://youtu.be/zgEwAmpOBEE.
Л.А.Романова, Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын педагога