Саха тылын уонна литературатын учууталлара сис тэрилтэлэри кытта Феодосия Габышевалыын быһа сибээһинэн кэпсэттилэр
Ыам ыйын 21 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэсэдээтэлэ, норуот дьокутаата, Феодосия Габышева көҕүлээһининэн уонна салайан ыытыытынан – төрөөбүт тылынан үөрэтии тыын кыһалҕатын быһаарсар кыахтаах сис тэрилтэлэрбит уонна үлэлии сылдьар учууталлар түмсэн, сүбэлэһии сиэринэн, дьоһун кэпсэтиини көтөхтүбүт.
Ол курдук, Феодосия Васильевна үөрэнии билиҥҥи уратыларын учуоттаан, республика кыаҕын-баҕатын туһанан, оскуолалар уонна биирдиилээн учууталлар үтүмэн үлэлэрин түмэр сорук турарын билиһиннэрдэ. Кистэл буолбатах, биһиги үөрэтэр тылбыт республика эрэ иһигэр сүрүннээн туһаныллар, үөрэх тылын быһыытынан туттуллар буолан, дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ кэккэ күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэрэ. Ол курдук, федеральнай кэккэҕэ киирбит үөрэх предметтэрэ – нуучча тыла, ахсаан, физика, о.д.а. хас эмэ араас тирэх буолар портал, саайт арааһын тутан олороллор, инньэ гынан саха тылын уонна литературатын өйүүр, учууталлар уопуттарын, үөрэххэ туһааннаах үгүс матырыйааллары түмэр портал баар буолуохтаах диэтэ.
Ити этии тула Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт дириэктэрэ С.С.Семенова, Үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр уонна үөрэҕи сайыннарар институттан В.Р.Шишигина, университеттан Е.М.Поликарпова, “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ А.В.Егоров, Национальнай библиотека дириэктэрэ С.В.Максимова, “Кибер Саха” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Н.Н.Павлов-Халан, “Кэскил” оҕо кыһатын дириэктэрэ О.И.Семенова, Саха тылын уонна литературатын учууталларын республикатааҕы ассоциациятын салайааччыта Ж.Ф.Барашкова, куораттан саха тылын уонна литературатын учууталларын метод.холбоһугун салайааччыта М.Н.Борисова, о.д.а. санааларын үллэстэн, сүнньүнэн, бырайыагы олоххо киллэрии оруннааҕын, олус тоҕоостооҕун ыйдылар. Онуоха сүрүн кыһалҕанан – портал каадырынан хааччыллыыта, өрүү саҥардылла-эбиллэ туруута буолуон сөптөөх диэн мунньах кыттыылаахтара этиннилэр.
Иккис сүбэ мунньах ыам ыйын 26 күнүгэр Саха тылын уонна литературатын учууталларын республикатааҕы ассоциациятын ыҥырыытынан, туһааннаах институттартан С.С.Семенова, В.Р.Шишигина, Н.Н.Васильева кыттыылаах, уопсайа 50-тан тахса киһини хабан туран бэрт сэргэхтик ааста.
Манна баар куорат, Сунтаар, Хаҥалас, Чурапчы, Кэбээйи, Бүлүү, Уус-Алдан, Мэҥэ-Хаҥалас, о.д.а. улуустар методическай холбоһуктара, биирдиилээн учууталлара кылаан кыһалҕаларын кэпсэтистилэр, тустаах дьонтон идэтийбит таһымнаах хоруйдары ыллылар. Ол курдук, мунньах бастакы түһүмэҕэ “Үөрэтии барыйааннарын туһунан кэпсэтии” тула барда. Учууталлар үөрэх 5-с барыйааныттан 4-с барыйааҥҥа көһүү баарын бэлиэтээтилэр, холобур, Кэбээйи улууһугар оннук көстүү элбээбит. Бу туһунан Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт дириэктэрэ С.С.Семенова: “Федеральнай ФГОС-реестрга саха тыла уонна литературата киирэн турар, онно этиллэринэн, ити предмет аччаабыта 2 чаас булгуччу үөрэтиллиэхтээх диэн. Ол аата үөрэх 4-с барыйааныгар көспүт оскуолалар холбоон 3 чааһы биэрэр буоллахтарына – сокуону кэһэн олороллор диэххэ сөп,” – диэн бэрт судургутук быһааран биэрдэ.
Оттон биһиги саха тылын учууталлара саамай тыын-тутаах киһибит В.Р.Шишигина маннык кэпсэтии саҕаламмыта 10-ча сыл буолбутун санатта, итиэннэ чопчу хамсаныылар бэйэбит өттүттэн оҥоһуллубат буоллахтарына, кэпсэтии кэпсэтиинэн хаалыан сөп диэн бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, портал тэриллэр түгэнигэр, саха тылын уонна литературатын предмет быһыытынан көрөрү таһынан – оскуола атын предметтэрин сахалыы үөрэтии, саха тылын үөрэтиэн баҕалаах омук дьонугар туһаайыы эмиэ баар буолуохтаах. Маны таһынан Василиса Романовна методикаҕа сыһыаннаах учууталлар ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Чурапчыттан Ф.Н.Болдовская этэринэн, дистанционнай үөрэх эмискэ киирэн бука барыбыт иннигэр олох атын ирдэбиллэри туруорда, өскөтүн атын федеральнай предметтэр хас эмэ тирэнэр саайтаах, порталлаах буоллахтарына, бэлэм матырыйааллара элбэх буоллаҕына, саха тылын учуутааллара үксүгэр бэйэлэрин матырыйаалларын бэйэлэрэ оҥостоллор. Онон биир кэлим матырыйааллары, республика кыаҕын түмэр портал наадата уолдьаста. Программаны, чааһы тутан олорон уруоктары,араас тургутуктары бэлэмниэххэ наада. Театр артыыстарын кытта уус-уран ааҕыыны бэлэмниэххэ наада. Маны таһынан, Фекла Николаевна үөрэх саҥа миниистирин кытта көрсөн, кини санаатын истиэххэ наада, бэйэбит санааларбытын ассоциация нөҥүө үллэстиэххэ наада диэбитин мустубут дьон бары биһирээтэ.
Дьокуускай куораттан метод.холбоһукпут салайааччыта Марианна Николаевна этэринэн, билигин элбэх боппуруоһу салайааччылар быһаараллар, онон салайааччылары кытта мунньах наада, маны таһынан интерактивнай, диискэнэн тарҕатыллыбыт матырыйаалы, урут оҥоһуллубут саха тылын уонна литературатын кабинеттарын саҥардан оҥоруу уолдьаста.
Улуус, куорат учууталлара санааларын эмиэ үллэһиннилэр, ол түмүгүнэн эттэххэ, дьиҥэр кыһалҕабыт үксүн майгыннаһар эбит. Ол курдук, саха тылын учуутала өрүү туруулаһааччы оруолугар сылдьара үгүс, сорох оскуола саха тылыгар предметнэй олимпиаданы 5-с кылаастан ыытары туруорсан улуус таһымыгар тахсыбыттар эбит, Ютуб ханаалыгар дьоһун дьарыктары оҥортоон дьон биһирэбилин ылбыт Галина Им аата мунньах кэмигэр хаста да ааттанна, бу үлэни атын учууталлар өйөөн, салгыы сайыннарыахтара дэстибит уонна саха тылын чааһын оскуолалар хайдах тутан, быһааран олороллорун өрүү билэр курдук Министерство нөҥүө мониторинг ыытары сөптөөҕүнэн уурдубут, бу хайысхаҕа үлэ кэскиллээҕин бэлиэтээтибит.
Түмүк тыл этэригэр, ассоциация салайааччыта Жанна Федоровна кэпсэтии дьоһуннааҕын, дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ учуутал оҕоттон инники сылдьыахтааҕын, техника эйгэтигэр ордугу билиэхтээҕин уонна онон интэриэһиргэтиэхтээҕин бэлиэтээтэ. Кини мунньахха этиллибит этиилэри түмэн, сааһылаан хайаан да үлэҕэ туттуохпут диэтэ.
Онон, саха тылын уонна литературатын үөрэтии, уопсайынан да сахалыы үөрэтии эйгэтигэр икки дьоһун түһүлгэ төрүттэннэ.
Рустам Каженкин,
“Айыы Кыһата” Национальнай гимназия дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы