Куорат оскуолаларыгар төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн бэлиэтээтилэр
Олунньу 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр Дьокуускай куорат хас биирдии оскуолаларыгар ыытылыннылар. Оскуола коллективтара төрөөбүт тылларыгар харыстабыллаах истиҥ сыһыаннарын хоһоон, ырыа, кэпсэтии нөҥүө биллэрбиттэрэ хайҕаллаах суол.
31 оскуолаҕа саха кылаастарын түмсүүтүн учууталлара алаадьы буһаран, учууталлары, ыалдьыттары көрүстүлэр.
10 чааска "Өрөгөй ырыатынан" саҕалаан, С.А. Новгородов туһунан кэпсээн, учууталларга анаан дьыктаан суруйтардылар. Манна 11 учуутал кыаҕын холонно. Дьыктааны саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Рязанская А.В. суруйтарда.
11 чаастан суруйааччылар ыалдьыттаатылар. Попова Ираида Гаврильевна - суруйаачы, "Полярная звезда" сурунаал эппиэттиир сэкэрэтээрэ, Александра Степановна Константинова - Дархаана- бэйиэт, прозаик, эссеист кэлэн көрүстүлэр.
Сахалыы ааҕыы туһунан санаа үллэстиитэ бэрт сытыытык, киэҥ хабааннаахтык ааста. Кылаас салайааччылара, предметник учууталлар, төрөппүттэр бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Бу кыһалҕа төрдө-төбөтө дириҥин бэлиэтээн туран, бастатан туран, дьиэ кэргэн сүрүн олук уурааччы буоларын бигэргэттилэр.
Төрөппүт - оҕо- учуутал бары бииргэ өйдөһөн үлэлиирэ үтүө түмүктээх буолар диэн түмүккэ кэллилэр. Көрсүһүүнү тэрийэн ыытта педагогика билимин хандьыдаата, эбии үөрэхтээһин учуутала Гуляева Е.П.
Ол кэннэ саха кылаастарын түмсүүтэ төгүрүк остуол тула олорон, инники былааннарын торумнаатылар. Бу күн оскуола учууталларын күүһүнэн уһуллубут видео эҕэрдэни Интэриниэт ситиминэн ыыттылар. Манна барыта 17 учуутал кыттыыны ылла. Эҕэрдэҕэ учууталлар саха бэйиэттэрин тыл туһунан хоһооннорун аахтылар. Видеону оҥордулар: Попов Д.И., Коркина М.Е., Брызгалова Е.Р., Рязанская А.В.
Ону таһынан оскуолаҕа "Сахалыы киэргэл" диэн хамсааһыҥҥа оскуола үлэһиттэрэ кытыннылар, саха ырыата дьиэрэйдэ. Коркина М.А., Рязанская А.В.
25 №дээх орто оскуола |
Дьокуускай куорат киинигэр турар иккис оскуолаҕа төрөөбүт тыл күнэ ситиьиилээхтик буолла. Аан бастаан дьоһун мааны учууталларбыт -- Малышева Елизавета Михайловна, Корнилова Анна Алексеевна, Кривошапкина Лидия Дмитриевна истиҥ иһирэх Тыл туһунан алгыстара этилиннэ, онтон салҕыы учууталлар Сивцева О.М., Григорьева В.Я., Жегусова Т И., Ильина А.А., Варламова А.И. тыл туһунан олук тыллары эттилэр. 2-с оскуола көхтөөх коллективын саамал кымыһынан, сахалыы алаадьынан күндүлээн үөрүүлэрэ үксээтэ.
Саха таптыыр уҥкүүтүн оһуохайы оройуттан туттубут. Онтон учууталлар бары оскуола театрыгар киирэн сахалыы дьыктаан суруйдулар. Ол кэнниттэн оскуола туох баар методическай холбоһуктара Иитиллибит Ийэ тылбыт диэн директорскай марафон тохтобулларынан оонньуутун ыыттыбыт. Математиктар холбоһуктара кыайыы өрөгөйүн биллилэр уонна өйдөбүнньүк бирииһинэн наҕараадаланнылар, кыттыбыттар бары грамота, сертификат ыллылар. Онон иккис оскуолаҕа тыл күнүн тэрээһинэ урдук таьымҥа буолан ааста.
Суруйда саха тылын, литературатын учуутала Сивцева Ольга Михайловна
“Ийэ тыл чэрчитинэн” ыытыллар “П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарын сүгэр Хатас орто оскуолатыгар” методическай холбоһуктар икки ардыларыгар “Көмүлүөгүм тула” диэн саха тылын учууталлара үгэс буолбут сахалыы күрэхпит 7 хамаанданан өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста.
Саха буолан салаллан элбэх саҥаны иҥэринэн, сайдан силигилээн, тупсан, түмсэн иһэрбит кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Төрөөбүт тыл хас биирдии киhиэхэ ийэтин кэриэтэ күндү өйдөбүл, норуот үгүс үйэ5э мунньубут тугунан да солбуллубат сүдү баайа буолар. Бүгүҥҥү тэрээһиммит арыллыытыгар нэһилиэкпит баһылыга Евгений Петрович Пермяков уонна эдэр ыччаты кытта үлэлиир исписэлиис Семен Семенович Игнатьев кэлэн эҕэрдэлээн бардылар. Оскуола кэллэктиибэ Дьокуускай куорат, Хатас гиимин толордулар. Аал уоппутун оттон алгыстанныбыт, арчыланныбыт.
Этэргэ дылы, “талаан норуокка баар” диэн этии бүгүн эмиэ бигэргэтилиннэ. Бастакы түһүмэхпитигэр “уос өһүллүүтэ, хамаанданы билиһиннэрии” диэнтэн саҕаланан биһиги учууталларбыт бука бары сахалыы ыраастык саҥаралларын таһынан, хомоҕой хоһоон тиһэр талааннарын арыйдылар. Ол курдук “Сардаҥа” (социальнай отдел үлэһиттэрэ, психолог, библиотекарь, тех.персонал) кыттыгас хамаандаҕа баар Анастасия Винокурова-Дайыына “Тыл сүмэтэ” хоһооно дьон болҕомтотун тарта, ытыс тыаһынан эҕэрдэлэннэ.
Тыл сүмэтэ.
Баар Ийэ тыл, Төрүт тыл,
Баай уус тыл, уран тыл,
Бартын ырыта сыыйдахха,
Баранан бүппэт, тыл сүмэтэ.
Ийэ тыл иитиллэр,
Ис эйгэ иэнигэр.
Илгэтэ иэйиллэр,
Ис кэрэ имэҥэр.
Төрүт тл туттуллар,
Төрөөбүт түөлбэтиттэн.
Төлкөтө тутуллар
Төрүт түөрэҕиттэн.
Уус тыл уһаарыллар,
Уруутун ууһуттан.
Уйгуту уһуйуллар
Удьуорун утумуттан.
Уран тыл уххана
Уйулгуну уоскутар.
Улуу тыл уратыта,
Улугурбуту умсугутар.
диэн бэрт уус, хомоҕой тыллардаах хоһоонун бүгүҥҥү күҥҥэ анаан бэлэх уунна. Ону тэҥэ, кинигэ түмэлин үлэһитэ, Инга Андреевна Капитонова, ис сүрэҕиттэн ылынан бүгүҥҥү күҥҥэ анаан бэйэтин хоһоонун иһитиннэрдэ:
Төрөөбүт тылбыт киирэр биһиэхэ
Ийэбит сылаас үүтүнэн,
Кини таптыыр харахтарынан,
Оҕотун бигээн утутар тылларынан.
Төрөөбүт тыл иҥэр биһиэхэ
Дойдубут ыраас салгынынан,
Кэрэ көстүүлээх айылҕабытынан
Үөрэтэр-такайар учууталтан,
Үгүс талааннаах дьоммутуттан.
Төрөөбүт тылбытын биһиги
Истиҥник таптыах тустаахпыт,
Омукпут дириҥ баайынан,
Эдэрдиин-эмэнниин киэн туттуох тустаахпыт!
Маннык кэрэ тыллары төрөтөр- төлкөлүүр иитиллэр- Ийэ тылбыт.
Бу түһүмэххэ иһиттибит биһиги Анна Николаевна Дьяконова, математика учуутала, “Сардаҥа” хамаанда кыттыылааҕа, иэйэн-куойан ааҕар сахалыы хоһоонун, иһиттибит эр дьоммут алгыстаах тылларын. Хатас нэһилиэгин таптаан, түөлбэлээн, дойду оҥостон, үлэлээн-хамсаан араас улуус дьоно түмсэн, эдэр көлүөнэ ыччаты иитэр-үөрэтэр эбит диэн манна бэлиэтэннэ. Салгыы түһүмэхтэр элэстэтэн аастыллар, сиэр-туом билии, аман өс, олоҥхо дьоруойдара, саханы саха дэппит маанылаах аспыт арааһа хотойдо. Хамаандалар ох курдук оҥостон кэлэн сэргэх тэрээһин буолан ааспытын бары астынныбыт, алгыс иҥэриннибит, сүр көтөҕүлүннүбүт, айар- тутар аартыкпытын арынныбыт.
Суруйда саха тылын методическай холбоһук салайааччыта, Нюргуяна Николаевна Иванова.