Дьокуускай куорат 3-4 кылаастарын үөрэнээччилэрин икки ардыгар ыытыллыбыт «Аман өс» күрэх түмүгэ
Тѳрѳѳбүт тыл киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө -санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар, дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.
Оҕо төрөөбүт тылынан саныыр санаатын, тугу билбитин-көрбүтүн сааһылаан кэпсиир үөрүйэҕин сайыннарарга, тылы дириҥник билэригэр табатык, өйдөнүмтүөтүк саҥарыы үөрүйэхтэрин иҥэринэригэр туhаайан ахсынньы ый 12 күнүгэр Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолатын алын сүhүѳх кылаастарын учууталлара көҕүлээhиннэринэн «Аман ѳс» куорат оскуолаларын сахалыы 3-4 кылаастарын үөрэнээччилэрин икки ардыгар күрэх ыытылынна. Быйылгы күрэх Литература сылыгар ананна.
“Аман өс” күрэх сыала-соруга:
- тылы хомоҕойдук, ылбаҕайдык, табатык тутта үѳрэнии;
- саха тыла сүппэтин, умнуллубатын туhугар о5олору умсугутуу;
- тѳрѳѳбүт дойдуга тапталы, киэӊ туттууну иӊэрии;
- тыл- этии үѳрэ5эр тирэ5ирэн, дьону – сэргэни итэ5этэр гына бэйэ санаатын этии, үѳрэнии;
Бу сырыыга 13 оскуолаттан 23 о5о күөн көрүстэ: 1,2,7,17,19, 29, 31, 38 №-дээх орто оскуолалар, Дьокуускай куораттаа5ы национальнай гимназията, «Айыы кыhата», Саха политехническай лицей, П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата, Марха 1 №-дээх орто оскуолата кытыннылар.
Тыл этии үс түhүмэхтээх буолла:
I түhүмэх – эрдэттэн бэриллибит тиэмэ5э тыл этии.
II түhүмэх – эрдэттэн бэриллибит тиэмэлэртэн талан ылбытыгар тыл этии.
III түhүмэх – соhуччу бэриллибит тиэмэ5э тутатына тыл этии.
О5олор тыл этэллэригэр бэйэлэрин тылларынан уустаан – ураннаан кэпсииллэрэ, тыл этии ис хоhооно кыттааччылар бэйэлэрин толкуйдарыгар, ѳйдоругэр – санааларыгар сѳп түбэhэрэ биhирэннэ.
Үѳрэнээччилэр тыл этэллэригэр тиэмэни сѳпкѳ, толору арыйыыга, бэйэлэрин санааларын, билиилэрин – кѳрүүлэрин тиэрдэргэ, истээччигэ итэ5этиилээхтик этэргэ дьулустулар.
Дьүүллүүр сүбэ5э үлэлээтилэр:
- Хотугулуу Илин Университетын естественнай наука салаатын сэбиэдиссэйэ Бубякина Айталина Андреевна;
- Хотугулуу Илин Университетын гуманитарнай литература салаатын сэбиэдиссэйэ Сосина Антонина Анатольевна;
- Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо уонна ыччат библиотекатын киинин кылаабынай библиотекара, кыраайы үөрэтэр салаа сэбиэдиссэйэ Ефремова Людмила Васильевна;
- Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолатын библиотекатын сэбиэдиссэйэ Иванова Светлана Ивановна;
- Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталлара Попова Анна Даниловна, Николаева Жанна Владимировна.
Дьүүллүүр сүбэ тыл этээччилэр туттан – хаптан туралларын, тыл этии тэтимин, куолас эгэлгэтэтин, киэҥ эйгэҕэ саҥарар үөрүйэхтэрин, санааларын толору этэллэрин учуоттаатылар.
Түмүк маннык буолла:
3-с кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар:
I степеннээх Диплом хаhаайына – 2 № -дээх Национальнай политехническай орто оскуола үөрэнээччитэ, учуутала Софронова Любовь Петровна.
II степеннээх Диплом хаhаайына – 38 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ, учуутала Максимова Саргылана Алексеевна.
III степеннээх Диплом хаhаайына – Саха политехническай лицей үөрэнээччитэ, учуутала Тимофеев Владимир Владимирович.
Биhирэбил бириистэргэ тигистилэр:
«Итэ5этиилээх тыл-өс» – 1 №-дээх орто оскуола;
«Алыптаах этээччи» – «Айыы кыhата» оскуола үөрэнээччитэ;
«Төрөөбүт тылга дьулуур» – 19 №-дээх орто оскуола;
«Уран тыл-өс» – П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата;
«Кэскиллээх этээччи» – 7 №-дээх орто оскуола;
«Дор5оонноох этээччи» – 31 №-дээх орто оскуола;
«Умсугутуулаах этээччи» – Марха 1 №-дээх орто оскуолата;
«Алгыстаах этээччи» – Дьокуускай куораттаа5ы национальнай гимназия.
4-с кылаас үөрэнэччилэрин икки ардыгар:
I степеннээх Диплом хаhаайына –2 № -дээх НПСОШ үөрэнээччитэ, учуутала Теплоухова Нюргуяна Степановна;
II степеннээх Диплом хаhаайына – «Айыы кыhата» оскуола үөрэнээччитэ, учуутала Тарская Екатерина Николаевна;
III степеннээх Диплом хаhаайына – 7 №-дээх орто оскуола үөрэнээччитэ, учуутала Волкова Зоя Макаровна.
Биhирэбил бириистэр:
«Итэ5этиилээх тыл-өс» – 17 №-дээх орто оскуола;
«Алыптаах этээччи» - 1 №-дээх орто оскуолата;
«Алыптаах этээччи» - 31 №-дээх орто оскуола;
«Төрөөбүт тылга дьулуур» - Саха политехническай лицей;
«Уран тыл-өс» - 38 №-дээх орто оскуола;
«Кэскиллээх этээччи» - Марха 1 №-дээх орто оскуолата;
«Дор5оонноох этээччи» - Дьокуускай куораттаа5ы национальнай гимназия;
«Умсугутуулаах этээччи» - П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата;
«Алгыстаах этээччи» - 19 №-дээх орто оскуола;
Кыайыылаахтар Үѳрэх управлениетын аатыттан дипломунан, анал аат хаhаайыннара грамоталарынан уонна кинигэнэн на5араадаланнылар, кыттааччылар туоhу сурук тутан үөрдүлэр - көттүлэр.
Саӊа кэмӊэ ийэ тылбыт этэр имэӊин, дириӊ ѳйүн толору этэр, туттар, ѳйдүүр туhугар тыл этэн араатардыыр күрэх урдук таhымнаахтык ааста.
Саха о5олоро, кыра сааскытыттан төрөөбүт тылгытынан саңаран, ийэ тылгытынан кэпсэтэн, аа5ан-суруйан улаатаргытыгар. Өркөн өйдөөх, кэрэ дууhалаах, көрсүө майгылаах, киэң билиилээх Сахабыт сиригэр туhалаах буоларга кыhаллың!
Эhиил “Аман өс" күрэххэ өссө элбэх оскуола кыттыа, о5олор таhымнара быдан үрдүө диэн эрэнэбит.
Николаева Мария Егоровна,
Дьокуускай куорат 1 №-дээх орто оскуолатын
алын сүhүөх кылаастарын учууталларын холбоhугун салайааччыта,
“Аман өс” күрэ5и иилээн-са5алаан тэрийээччи