20 -с нүѳмэрдээх оскуолаҕа «Күн сирин күндүтэ – Күн Күбэй Ийэм» диэн сахалыы хоҺоон күрэҕэ ыытылынна
Дьокуускай куорат Сэбиэскэй Сойуус Геройа Ф.К.Попов аатынан 20 – с нүѳмэрдээх оскуолаҕа «Күн сирин күндүтэ – Күн Күбэй Ийэм» диэн сахалыы хоҺоон күрэҕэ ыытылынна. ТэрээҺини саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара Федорова Марианна Макаровна, Сивцева Нарыйа Александровна иилээтилэр – саҕалаатылар.
Бу тэрээҺин куорат саха тылларын учууталларын методическай холбоҺугун «Тыыннаах тыл» бырайыагын «Уус- уран ааҕыы» түһүлгэ иһинэн ыытылынна. Оҕо кыра сааҺыттан ийэ тыл кэрэтин сатаан дьүѳрэлээн, хоҺоону ѳйтѳн дорҕоонноохтук ааҕарын сайыннарыы - биҺиги, учууталлар, сүрүн сорукпут буолар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу – Илиҥҥи Федеральнай Университет суруналыыстыка уонна сахалыы – нууччалыы тылбаас салааларын устудьуоннара Федорова Дайаана, Кириллина Марина, Копырина Кристина үлэлээтилэр. Кинилэр оҕолор дикциялара, уобарастара, куоластарын улахана, иэйиилэрэ барыта үрдүк таҺымнаах диэн бэлиэтээтилэр. Ɵссѳ нуучча оҕолоро кэлэн, иэйэн – куойан туран, сахалыы хоҺоон ааҕан барбыттарыттан олус диэн сѳхтүлэр – махтайдылар. Кыттыбат эрээти: «Мин сахалыы саҥаны истэрбин олус диэн астынабын, кѳрѳѳччү быҺыытынан олоруохпун сѳп дуо?»,- диэн ыйытан киирбит нуучча кыыҺа Лера Ивановаттан астыннылар.
Дьүүллүүр сүбэ түмүгэ маннык буолла:
1 – 4 кылаастарга:
1 миэстэ – Семенов Слава, (учуутала Заболоцкая Д.М.)
2 миэстэ – Яковлев Талбан, (учуутала Готовцева С.И.), Мендяров Сулустан, (учуутала Иванова В.К.)
3 миэстэ – Маныкин Миша, (учуутала Саввинова Л.Н.)
Петров Аслан, (учуутала Александрова А.А.), Баишева Лена, Дьячковская Анжела, (учууталлара Саввинова Л.Н.) анал аат кыайыылаахтара буоллулар.
5 – 9 кылаастарга:
1миэстэ – Иванова Айнагуль, (учуутала Михайлова Д.И.)
2 миэстэ – Петрова Айаана, (учуутала Федорова М.М.)
3 миэстэ – Асекритова Настя, (учуутала Михайлова Д.И.), Христофоров Айтал,5г (учуутала Федорова М.М.)
Андреев Евгений, 6г, Скрябина Вика,, Литонин Слава,6в (учууталлара Сивцева Н.А.), Константинов Вася, (учуутала Верховцева Д.В.) анал аат кыайыылаахтара буоллулар.
«Саха тыла, саха саҥата сатарыы турдун!»,- диэн Алампалыы түмүктүүбүт!
Федорова М.М., саха тылын уонна литэрэтиирэтин үрдүк категориялаах учуутала.