Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин уонна наукатын миниистирэ Хатаска “Кэрэчээнэ” оҕо саадыгар
Олоҥхо уус-уран тыл, өҥ-дьүһүн, ырыа-музыка, театр биир кэлим түмүллүбүт искусство биир ураты көрүҥэ буоларынан, оҕону сахалыы тыыҥҥа иитиигэ улахан олугу уурар. Ол да иһин СР үөрэҕириитин туйгуна Г.С.Николаева сэбиэдиссэйдээх “Кэрэчээнэ” оҕо саада бүтүн Хатас нэһилиэгэ 11 сыл аннараа өттүгэр ылыммыт “Олоҥхо олохпут ситимэ” программа иһинэн таһаарыылаахтык үлэлэһэн, сылын ахсын үлэ хайысхата дириҥээн, “Кэскил кэрэһитэ” оҕону олоҥхо педагогикатынан иитии тосхолун ылынан, хас биирдии иитээччи бэйэтэ тус программа оҥостон үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Элбэх сыллаах үлэ түмүктэрэ көстөннөр 2015сылтан “Арылы кустук” ситимҥэ киирэн, педагогическай наука кандидата Екатерина Петровна Чехордуна научнай салайыытынан СЭДИП ньыманан үлэлииллэр.
Бу дьыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна наукатын миниистирэ Владимир Анатольевич Егоров “Кэрэчээнэ” оҕо саадын үлэтин көрө-истэ, оҕону олоҥхо педагогикатынан иитиигэ туох үлэ барарын билсэ кэлэ сырытта.
Ыалдьыттары оҕо саадын иитээччилэрэ саха дьонун сиэринэн киирэр аартыктан арчылаан, уу сахалыы алаадьынан күндүлээн көрүстүлэр. Бу көрсүһүү Айыы дьонун итэҕэлинэн идэни биэрээччи, айары анааччы Улуу Суорун тойон киһиэхэҕэ ордук чугаһаабыт кэмигэр буолбута ураты суолталааҕын бэлиэтээн, алгыһынан арыаллаатылар. Галина Семеновна уонна Екатерина Петровна киирии тылларын кэнниттэн иитээччилэр олоҥхо педагогикатын үгэс буолбут, аныгы ньымаларынан хайдах үлэлииллэрин билиһиннэрдилэр.
- “Кулунчук” бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэрэ (Иитээччилэр- Г.И.Николаева, А.П. Корнилова) С.И.Черноградскай “Ойор-тэбэр аттаах Оҕо Бочоох Бухатыыр” олоҥхотун бөлөҕүнэн толордулар.
- “Кустук” бөлөх иитэччитэ Е.М.Чемерзанская оҕо саадын музыкальнай салайааччыта Г.К.Ксенофонтова айан оҥорбут сахалыы музыкальнай инструменнарын туһанан, лего конструкторынан иитиллээччилэрин кытары устубут “Кустук кэрэ сүүрээннэрэ” олоҥхо мульткиинэлэрин көрдөрдүлэр.
- “Күнчээнэ” бөлөх иитээччитэ А.Д.Никифорова олоҥхо өйдөбүллэрин ахсаан нөҥүө тириэрдэр сатабылын кэпсээтэ.
- “Мичээр” бөлөх иитээччилэрэ Дьячковская Т.К, Слепцова А.Н үөрэх министиэристибэтэ өйөөн, үбүлээн оҥотторбут олоҥхо геройдара куукулаларын дьарыктарыгар хайдах тутталларын, бу аныгы оонньуурдар дьарыкка олус табыгастаахтарын туһунан санааларын эттилэр.
Салҕыы иитээччилэр олоҥхону оҕолорго күннээҕи аралдьытар оонньуурдар нөҥүө тириэрдэр үлэлэрин быыстапка туруоран билиһиннэрдилэр. Киһи үөрэ сөҕөрө баар хас биирдии иитээччи бэйэтэ айан оҥорбут оонньуурдардаахтар эбит.
- Н.И.Никифорова оҕо доруобуйатын бөҕөргөтөр сиэлтэн оҥоһуллубут мээчиктэрэ, “Олоҥхо геройдара” доминота;
- А.В.Борисова оҕо илиитин эрчийэр, күөн күрэскэ уһуйар “Ходуһа устун сырсыы” оонньуура, оҕону толкуйдатар, моторикатын сайыннарар мозайката, бэйэ оҥоһуу кинигэтэ улахан болҕомтону тартылар. Онтон да атын төрөппүттэр, иитээччилэр оҥорбут саха остуоруйатын, олоҥхо дьоруойдарын куукулаларын, атын да оонньуурдары киһи ааҕан сиппэт.
“Кэрэчээнэ” оҕо саадыгар араас сылларга олоҥхо ааҕыытыгар уһуйуллубут ини-бии Оконушкиннар “ Тоҕус хара тыаны ортотунан көстөр Дьоруо маҥан аттаах Дьохсоҕолдьун Бухатыыр” олоҥхону ааҕан, өр сыллаах үлэ ситимэ быстыбакка салҕанан бара турарын көрдөрдүлэр. Номнуо 8-с кылаас үөрэнээччитэ буолбут Антон, 7-с кылаас Алик, 6-с кылаас Артур, 2-с кылаас Арсен уонна кырачаан Аким “Ситим” айымньы дьиэтигэр “Олук” олоҥхо куруһуогар дьарыктаналлар, элбэх өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо күрэҕин луреаттарынан, дипломаннарынан буолаллар.
Владимир Анатольевич түмүгэр оҕо саадын үлэтин хайгыы көрбүтүн, сахалыы сайаҕас көрсүүттэн ис сүрэхтэн үөрбүтүн эттэ, Екатерина Петровна ыытыллар үлэни күннээҕинэн муҥурдаабакка кэтээн көрөн, мониторинг оҥороллоругар сүбэлээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ “Кэрэчээнэ” оҕо саадын айымньылаах кэллэктиибэ, бары да үлэһиттэрэ олоҥхону, сахалыы ырыаны, үҥкүүнү тус бэйэлэрэ толорон өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэринэр буоланнар үлэлэрэ сахалыы куттаах.
Хатас нэһилиэгэ күннэтэ улаатар, кэҥиир. Ол да иһин быйыл саҥа аһыллыбыт “Сир симэхтэрэ” дьааһыла сад арыллыыта олохтоохторго муҥура суох үөрүүнэн буолбута. Онон кэрэчээнэлэр үлэлэрэ өссө кэҥээн, быйылгы үөрэх дьылын далааһыннаахтык саҕалаатылар. Үөрэх миниистирэ саҥа оҕо саадыгар сылдьан кэскиллээх үлэ сайдан, салҕанан иһэригэр баҕа санаалаах Хатаска сылдьыытын түмүктээтэ.
СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ В.Н.Старкова.