Ытык Таатта сиригэр айан
Бу сыл муус устар 5-6 күннэригэр Дьокуускай куорат уонна Таатта улууһун Үөрэхтээһинин дьаһалтатын көҕүлээһиннэринэн, куорат оскуолаларын саха тылын, литературатын уонна технология учууталлара, уһуйааннар иитээччилэрэ барыта 15 буолан Таатта улууһугар икки хонуктаах тэрээһиҥҥэ баран кэллибит.Биһигини, икки күнү быһа Таатта улууһун Үөрэхтээһиҥҥэ салалтатын үлэһитэ Луковцева М.Н. үөрэ-көтө көрсөн, арыаллаан, оскуолаларынан уһуйааннарынан, Баайаҕа сэлиэнньэтигэр сырытыннарда. Биһиги киниэхэ муҥура суох махталбытын тиэрдэбит.
Бастакы күммүтүгэр “Якутская сказка и её сюжет «Олонхо» диэн П.А.Ойуунускай научнай ыстатыйатыгар олоҕурбут, “Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ” научнай –практическай конференцияҕа кытынныбыт. Тиийээт, “Сулусчаан” уһуйаан тупсаҕай оҥоһуулаах саҥа дьиэтин-уотун көрөн, хас да нэһилиэктэн кэлбит бастыҥ иитээччилэр үлэлэрин истэн, санаа атастастыбыт. Ол кэнниттэн Ытык Күөл 1 №-дээх орто оскуолатыгар тиийэн, Таатта улууһун саха тылын уонна литературатын учууталларын кытта көрсөн, маастар кылаастарга, төгүрүк остуолга сырыттыбыт. Учууталлар П.А.Ойуунускай олоҥхотун олуктарын олоҕу кытта ситимнээн, араас бырайыактары толкуйдаан, олоххо сыһыаран, үлэлииллэрин биһирээтибит, астынныбыт. Ол курдук, уһуйаантан саҕалаан, оҕолору олоҥхолотон, чинчийэр үлэҕэ сыһыаран, театральнай студияҕа дьарыктаан, уус –уран ааҕыыны тэнитэн, иистэнэр, астыыр, харысхаллары оҥорор сатабылларын сайыннаран, үтүө түмүктэри ситиһэллэр эбит. Онуоха аҥардас үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн оҥорон, өйдөрүнэн-санааларынан толкуйдаан, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн-дьаһанан сылдьар дьоҕурдарыгар тирэҕирэн, элбэх тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кытталлар эбит. Ордук улахан болҕомтону уол оҕо, кыыс оҕо иитиитигэр, ыал туруктаах буолуутугар уураллара көһүннэ. Аны бу бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр бүтүн улуус барыта олус түмсүүлээхтик үлэлииллэрин көрдөрдүлэр. Манна улуус баһылыгын солбуйааччыта, улуус үөрэхтээһиҥҥэ салалтата, уһуйааннар, оскуолалар араас тэрилтэлэр- бары биир санаанан үлэлииллэрин бэлиэтии көрдүбүт.
Бу улууска барыта оҕо туһугар, барыта ыччат туһугар хас да бырайыагынан үлэлииллэрин, кылгастык да буоллар, көрөн –истэн кэллибит. Ытык –Күөл 1№-дээх оскуолатыгар “ Норуот тыыннаах уус –уран айымньыта тэрээһинигэр элбэх бырайыагы уонна дьарыгы көрдүбүт, иһиттибит. Манна уол оҕону уус –уран ааҕыы нөҥүө иитиигэ туһуламмыт “Дьулуур” кулууп үлэтин , төрөөбүт тылынан уол оҕону сайыннарыы туһунан Харбалаах орто оскуолатын учууталлара Кривошапкина В.С., Трофимова В.П.кэпсээбиттэрин болҕойон иһиттибит. В.С.Кривошапкина дьиэ кэргэн сурунаалын төрүттээн сайыннарбыта - саха ыала бигэ туруктаах буолуутугар дьоһун кылааты киллэрсибитэ чахчы. Валентина Семеновна бэйэтин сайтыттан ити үлэтин туһунан омук сиригэр кытта ааҕан билбиттэр уонна үлэлэһэргэ баҕаларын биллэрбиттэр. Аныгы сайдыылаах олоххо доруобуйатынан хааччахтаах оҕолорго ураты болҕомто ууруллуохтах. Тыараһа оскуолатын учуутала Турнина Н.Н., итнник оҕолору кытта сөптөөх хайысханы булан, үлэлэһэрин биһирээтибит. Кини доруобуйатынан хааччахтаах оҕолору уус –уран ааҕыыга уһуйар эбит. Ол үлэтэ дьоһун түмүктээҕин көрөн астынныбыт.
«Олоҥхо дойдутун оҕотобун” сатабылы сайыннарар бырайыагар бэйэбит кыттыһан, бэлэм матырыйаалынан харысхал бэлиэтин, дэйбиир оҥорон, үөрэн –көтөн тарҕастыбыт. Бу бырайыагынан үлэни Таатта лицейин учуутала Андросова О.П., Павлова М.Е. Ытык –Күөл 1 №-дээх оскуолатын , Хоютанова У.А., Чымынаайы оскуолатын учууталлара тэрийбиттэрин астынныбыт. “Алампа түөлбэтэ” диэн иккис бырайыагынан үлэни Им Г.Ф., Потапова В.С. Ытык Күөл 1 №-дээх учууталлара кыайа –хото тутан ыыттылар. Таатта гимназиятын учуутала Слепцова О.М. “Иэйии дьарыктара “ диэн тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Ити кэнниттэн “Алгыс” балаҕаҥҥа ыал олоҕун, хаһаайыстыбатын, кыыс оҕо уонна уол оҕо иитиитин, доруобуйа туһунан санаа атастаһыыта буолла. Онно Таатта учууталлара бэйэлэрин үлэлэрин туһунан сиһилии кэпсээбиттэрин кэнниттэн, биһиги эмиэ бэйэбит көрүүбүтүн, ити хайысхаларга үлэбитин билиһиннэрдибит.. Саввинова А.Ф., Васильева А.Н., Анисимова Г.С. , Липатова С.А., Борисова М.Н. уо.д.а. Дьокуускай куорат 26 №-дээх оскуолатын Олохтоох омуктар култуураларын учуутала Аммосова М.Н. хоһоонун ааҕан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Түмүк тылы делегация салайааччыта Сыроватская У.Г. этэн, бу улуус Үөрэхтээһинин тэрилтэлэрин кытта бииргэ алтыһан, үлэлэһэр туһунан улахан соругу туруорда. Тэрээһин түмүгэр оскуола учууталларын бөлөҕө олоҥхону толорбуттарын сэҥээрэн иһиттибит. Ити курдук, Таатта улууһун нэһилиэктэрин хас да оскуолатын үлэтин астына көрдүбүт, үлэбитигэр элбэҕи ылынныбыт.
Иккис күммүтүгэр Баайаҕа сэлиэнньэтигэр “Мандар Уус түһүлгэтэ” научнай практическай конференцияҕа кыттан, Мандар Уус алгыһын иһиттибит, бэйэбитигэр иҥэриннибит. Бу тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан Дьокуускай куорат Үөрэхтээһиҥҥэ салалтатын салайааччыта Семенов А.К, салайааччыны иитэр үлэҕэ солбуйааччы Охлопков Е.А. кыттыыны ыллылар. Кинилэр кэлбит сыалларын –соруктарын, бииргэ үлэлэһэр туһунан баҕа санааларын эттилэр. Ону сэргэ экспертэр: Попова Г.С.- Санаайа, Попова М.А., Саввинов Д. А. конференцияҕа оҕолор үлэлэрин сыаналыы кэлбиттэр.
Төгүрүк остуолга Мандар Уус оҕону үлэнэн иитии туһунан бэйэтин сүрүн санаатын мустубут дьоҥҥо туһаайан эттэ. “Уол оҕону олоххо сыһыаран, үөрүйэҕин сайыннарар аныгы үйэ ирдэбилэ буолар. Тыа оҕото уонна куорат оҕото уратылаахтар. Биһиги оҕолорбут барыстаахтар, кинилэр көҥүл сылдьан, ханнык баҕарар үлэ үөрүйэҕин ылынар кыахтаахтар. Ону салайан эрэ биэриэххэ наада. Куорат, тыа оҕото диэн араарбакка, биир тэҥҥэ сайыннарар суолу тобулар кэм кэллэ. Ол инниттэн эргиччи үлэлиир тэрилтэ, холобура лааҕыр курдук, наада быһыылаах. Куорат оҕолоро сайын кэлэн оттоһон, ынах ыаһан, балыктаан, уһанан, сири –уоту көрөн –истэн бараллара буоллар, төһө эрэ астыныах этилэрий?! Төттөрүтүн, биһиги оҕолорбут сынньалаҥнарыгар куоракка киирэн, театрга, музейга, библиотекаҕа, араас тэрээһиннэргэ сылдьан, элбэҕи билэн –көрөн кэлиэ этилэр”,- диэн бэйэтин баҕа санаатын эппитин, сөбүлүү иһиттибит. Ити кэнниттэн «Мандар Уус” кыһатын, нэһилиэк баай матырыйааллаах музейын көрөн, астынныбыт. “Мандар Уус” кыһатыгар уус кыһатыттан саҕалаан булт тэрилин арааһа, элбэх ахсааннаах саха быһаҕа баарын сөҕө көрдүбүт. Музейга ханна да суох сэдэх кинигэлэр, сахалыы иһиттэр, мындыр оҥоһуулаах иһиттэр –хомуостар, туттар тэриллэр баалларын бэлиэтии көрдүбүт. Тааттаҕа айантан салгыы үлэлиирбитигэр санаабытыгар санаа кыттыста, күүспүтүгэр күүс эбилиннэ.
Түмүкпүтүгэр, маннык дьоһун тэрээһиҥҥэ сүүрэн –көтөн, салайан илдьэ сылдьыбыт салайааччыларбытыгар Семенов А.К., Попова Т.Н., Охлопков Е.А,, Сыроватская У.Г.барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Аммосова М.Н, Борисова М.Н.
26 №-дээх оскуола учууталлара.