20 – с нүөмэрдээх оскуолаҕа Тыл уонна сурук – бичик ыйа
Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. О5о төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.
Олунньу - Тыл ыйа. Ол чэрчитинэн, биhиги оскуолабытыгар оҕолорго «ТОК» оонньуу, тотальнай дьыктаан, «Аман Өс» күрэх тиhигин быспакка ыытылла тураллар. Учууталлар бу тэрээhиннэртэн эмиэ туора турбакка, тотальнай дьыктааӊӊа кыттыспыттара.
Онтон олунньу 16 күнэ - оскуолаҕа - Төрөөбүт тыл, сурук – бичик күнэ биллэриллибитэ. Бу күн учууталлар, оҕолор сахалыы таӊаһы сайбаччы таӊнан кэлбиттэрэ, ханнык баҕарар уруок саҕаланыытыгар төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алпаабытын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн бэлиэтэнэр сурук-бичик күнүн туhунан информация биэрбиттэрэ.
20 – с оскуола учууталлара, араас омук представителлэрэ, саха тылыгар уһулуччу болҕомтолорун өрүү уураллар. Тыл кэрэтин, минньигэһин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдээччилэринэн буолаллар. Инньэ гынан, аны, үөрэх кэннэ, алгыс баhа сыаланан, тохтор тойук кутуллан, учууталлар өрө күүрэн туран, Ийэ тыл күнүн уруйдаатыбыт, төрүт түһүлгэни түстээтибит. Бу күн оскуола методическай холбоhуктара амтаннаах аhы, хойуу күөрчэхтэн тоӊ балыгар, кус миинигэр тиийэ, дэлэччи тартылар, биир идэлээхтэрин Ийэ тыл күнүнэн эҕэрдэлээн ырыа – тойук, үӊкүү – битии түһэрдилэр, сахалыы хоһоону уус – уран ааҕыыга күрэхтэстилэр.
Төрөөбүт төрүт тыл сырдык кэскилин туhугар сыралаhан туран үлэлиир уһуйааччыларбытыгар уруй – айхал буолуохтун!
Федорова Марианна Макаровна, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.