“Айыы Кыһата” Ийэ тыл декадатыгар
Ийэ тыллаах буоламмыт, санаабытын сайа этэр, төрөөбүт тылбытынан айар-тутар кыахтаах, кэскил тэринэр дьоһун дьоллоох буоллахпыт! “Айыы Кыһата” бу күнү сарсыардаттан саҕалаан алаадьынан айах тутан, бэйэ-бэйэни күндүлээн, сахаттан бастакы лингвист-учуонай Семен Андреевич Новгородов ...
Бу күн ыҥырыылаах ыалдьыттар – Россия суруйааччыларын Сойууһун Бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун солбуйааччы бэрэсэдээтэлэ, “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы – Гаврил Андросов, саха-рэп хамсааһынын төрүттээччи, биллиилээх ырыаһыт Егор Васильев-Saas Ustar уонна бэйэбит выпускникпыт, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуона, эдэр кэскиллээх ырыаһыт Аскалон Семенов төрөөбүт тыл туһунан санааларын сайа эттилэр, Аскалон – Амма Аччыгыйын тылыгар “Учууталбар” диэн ырыаны истиҥник ыллаан дьон кутун тутта.
Оҕолор ийэ тыл, төрөөбүт дойду туһунан саха биллэр-көстөр поэттарын хоһооннорун дуоһуйа аахтылар, ыллыыр иэйиилээх ылбаҕай оҕолор ырыа бэлэх ууннулар. Хомусчут, 8 кылаас үөрэнээччитэ Лилия Шишигина аныгы кэм сиэринэн, флеш-моб тэрийэн, хомустаах оҕолор бары оһуохай тылын таһаардылар.
Эбиэттэн киэһэ Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет Государственнай театрыгар Саха гимназиятын уонна 17-с оскуоланы кытта – төрүт дьарыкпытын, биһиги оскуолаҕа төрөппүттэрбит сүрүннүүр түмсүүлэрин көрдөрдүбүт. Ол курдук, Аҕа Сүбэтэ ханнык да техника, массыына сатаан оҥорбот саха бастыҥ сатабылларын – күндү түүлээҕи таҥастааһыны, собону астааһыны, муҥха аччатыллыбыт макетын итиэннэ Байанай сылынан фотозона тэрийдилэр. Оскуола эбээлэрин уонна ийэлэрин түмсүүтэ саха иистэнэр эйгэтиттэн быһа тардан көрдөрдүлэр: бэрт уустук сатабыллаах эрээри киһини умсугутар көстүүлээх кыбытыылаах тигии уонна хас да ньымалаах сиэлинэн үлэ арааһын, көрүҥүн, оҥоһуктарын тардан кэбистилэр. Ону таһынан эбээлэрбит-эһээлэрбит оһуохайы оройуттан тутан, саҥа сүүрээн буолбут “этнофитнес” дьарыгынан мустубут дьону түмэ тартылар. Ыҥырыылаах ыалдьыппыт Мария Ушницкая-Алехина оҕолорго остуоруйа түһүлгэтин тэрийдэ.
Өссө биир дьону түмпүт түһүлгэ – талах оонньуурдары оҥору буолла. Сатабыл учуутала Виталий Слепцов талахтан эрдэттэн бэлэмнээн аҕалбыт оҥоһуктарыгар кэлбит дьон саха быһаҕынан араас оһуор түһэрэн, кэрчиктээн, өҥ-дьүһүн биэрэннэр, бу күн өйдөбүнньүгүн курдук бэйэлэрин кытта илдьэ бардылар. Бэлиэтээн эттэххэ, манна сылдьыбыт ыалдьыттартан – Тыл политикатыгар сэбиэт сэкирэтээрэ Римма Жиркова, Правительство бэрэсэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина бу түһүлгэни олус астынан, эт илиилэринэн талах оҥоһуктары оҕолору кытта оҥорустулар.
Маны таһынан биһиги төрөппүттэрбит уонна социальнай партнер быһыытынан тэҥҥэ үлэлэһэр – “Байанай” сурунаал икки, “Саха чэй” хампаанньа икки дьоҥҥо-сэргэҕэ үлэлэрин түмүгүн тэнитэн улахан биһирэбили ыллылар. Кэлбит ыалдьыттар саха чэйин амсайан, ким оҕо сааһын санаата, ким оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын түмүгүн илэ-чахчы көрдө-иһиттэ.
Түгэнинэн туһанан, хас биирдии бу күнү биир санаатынан, тэҥҥэ сылдьыытынан үрдүк таһымнаабыт, киэҥ түһүлгэлээбит, оҕоҕо дьиҥ-чахчы үөрүү-көтүү үктэллээбит хас биирдии төрөппүккэ, учууталга махтанабыт, Алампалыы эттэххэ, “саргы-дьаалы улааттын, сахалыы саҥа сатараатын, саха омук сайыннын!”
Рустам Каженкин,
дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы