П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр
Дьокуускай №38-дээх орто оскуолатыгар алтынньы 10 күнүттэн сэтинньи 10 күнүгэр диэри П. А. Ойуунускай 125 сааһын, кини сырдык аатын кэриэстиир ый биллэриннэ.
Бу ый иһинэн суруйааччы-революционер айымньыларынан, уус-уран аа5ыылар, уруһуй, викторина, уус-уран туруоруулар күрэхтэрэ буолуохтара. Алтынньы 14 күнүгэр бу улахан тэрээһини арыйар үөрүүлээх линейка буолан ааста, ол кэнниттэн уоланнар уус-уран ааҕыыларын күрэҕэ буолла. Бу курэххэ кыттыыны ыллылар 2-с кылаастан 10- кыласска диэри оҕолор. Кыттааччылар бары олус кыһаллан бэлэмнэммиттэр, алын кылаастарга Алексеев Арылхан уус-уран ааҕыыга холобур буолла, уонна бэйэтин бөлөҕөр эрэллээхтик бастаата. II миэстэҕэ 4 “а” кылаас уолаттарын бөлөҕө, III миэстэҕэ Иванов Валерий, Асикритов Виталий. Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ Иванов Валерий “Оҕо куйуурдуу турара” айымньыттан быһа тардан ааҕыыта хайҕаллаах.
Ортоку сүһүөх ааҕааччыларыттан чорботон бэлиэтиэххэ наада, учуутал Александра Гавриловна бэлэмнээбит 6 «а» кылаас уолаттарын ааҕыытын. Кинилэр П.А. Ойуунускай уонна М.К. Аммосов истиҥ доҕордоһууларын көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр уонна «Син биир буолбаат!» хоһоону сахалыы, нууччалыы толордулар. Ааҕыы бэркэ таҕыста уонна кылааска I миэстэни аҕалла. II миэстэни - 7 кылаас иккис бөлөҕө. «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар», III – 6б, 7а кылаастар. IV миэстэҕэ – 7 б кылаас иккис хамаандата. Учуутал Мария Егоровна икки хамаанда оҥорон туран уолаттарын барыта кытыннарбыта хайҕаллаах.
Ааҕааччылар улаатан истэхтэрин аайы толоруу хаачыстыбата эмиэ үрдээн истэ. Улахан кылаастар тылларын да өйдөөбүттэр, сиппит-хоппут постановка туруорбуттар. Iм. – 8 кылаас айар бөлөҕө, II – 9 кылаас уолаттарын айар бөлөҕө, III – 10 кылаас уолаттарын айар бөлөҕө.
Оҕолору бэлэмнээбит бары учууталларга, төрөппүттэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Любовь Федорова, 38 №дээх орто оскуола учуутала.