Саха гимназиятын аҕаларын Сүбэтэ тэрээһиннээх үлэни ыытар
Муус устар ый 7 күнүгэр Аҕа уонна Уол күнүн гимназиябыт тэлгэһэтигэр, Россияҕа соҕотох «Уол уонна аҕа» стела иннигэр холбуу бэлиэтээтибит. Бу икки бырааһынньыкпыт аҕалаах уол курдук бэйэ-бэйэлэрин батысыһа сылдьаллар. «Аҕа күнэ» муус устар ый бастакы баскыһыанньатыгар бэлиэтиир бырааһынньыкпыт бастакы президент М.Е. Николаев ыйааҕынан 1999 с. олохтоммута. Онтон 2017 с. Ил Дархан уурааҕынан ый иккис өрөбүлүгэр «Уол оҕо күнэ» бэлиэтэнэр буолбута.
Аҕа – дьиэ кэргэн тирэҕэ, дурдата-хаххата, норуот инники кэскилэ. Кини сылдьар ыыра киэҥ, өйө- санаата тобуллаҕас. Аҕа, эр киһи, ыччат уол дьиэ иһигэр, тас эйгэҕэ, обществоҕа сабыдыала күүстээх, далааһыннаах буолар. «Ыал аҕатынан» диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар.
Бу күн, муус устар 7 күнүгэр аҕалар уолаттарын кытта күрдьэхтээх кэлэн, сүрдээх көхтөөхтүк тэлгэҺэбит хаарын күрдьэн, таһан кэбистилэр. «Хаар» диэн хаары хомуйуу акциябытын быйылгыттан саҥа киллэрдибит. Бу иннинэ төрөппүппүт, көхтөөх аҕабыт Платонов Анатолий Викторович бэйэтин техникаларынан 84 куб хаары хомуйан, тиэйэн сүҥкэн көмөнү оҥорбута уонна оҕолорго сүүрэр-көтөр, оонньуур усулуобуйатын эрдэттэн тэрийэн салгыҥҥа сылдьалларын хааччыйбыта төрдүс сылыгар барда. Ону таһынан 5-7 кылаастар технология уруогар хаары таспыттара.
Бырааһынньыкпыт иккис аҥарыгар салайар Сүбэ бэрэссэдээтэлэ Семенов А.А., Республикатааҕы аҕалар лигаларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Оконешников Я.Т. аҕа киһи дьиэ кэргэнигэр, оҕону иитиигэ улахан оруоллааҕын, суолталааҕын туһунан уоттаах-күөстээх тылларын тириэртилэр. Онтон «Тыллыы» устуудьуйатын иитиллээччилэрэ сытыы тыллаах-өстөөх биллиилээх суруйааччыларбыт хоһооннорун сахалыы матыыптаах муусукаҕа доҕуһуоллатан уус-ураннык ааҕан иһитиннэрдилэр. Саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа, Кэскил Баишев эрчимнээх ырыатынан, чөллөркөй куолаһынан мустубут дьон-сэргэ кутун тарта, санаатын өрүкүттэ.
Эрчимнээх ырыа дуораана сүтэ илигинэ, итиитинэ, хамсанан тириппит-хоруппут аҕалар уонна уолаттар хомулла түһээт, «Айталлар» ырыаларынан доҕуһуоллатан эрчимнээх, үрдүк күүрүүлээх оһуокайга ойдулар.
Саха гимназиятын администрацията уонна Аҕа сүбэтэ ситимнээхтик, систиэмэлээхтик ыкса үлэлииллэрин түмүгэр үгүс үлэ хорутуулаахтык оҥоһуллар. Ол курдук кылгастык билиһиннэрэр эбит буоллахха, «Өбүгэ үтүө үгэстэригэр оҕону иитии» научнай практическай кэмпириэнсийэ аҕа уонна эр дьон учуутал көмөтө суох хаһан да барбат. Бу кэмпириэнсийэ 4 салаанан ыытыллар. Уопсайа 17 үлэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көрүллэн публикацияламмыттара.
Күнү-дьылы эргитэн арыйан көрөр буоллахха, Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаан Россияҕа ханна да суох, соҕотох «Аҕа уонна уол» стела-бэлиэ ыам ыйын 7 күнүгэр 2015 с. үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллан гимназия тэлгэһэтин иһигэр турбута. Бу проект идеятын биһиги директорбыт В.В. Софронеева сахпыта уонна ону төрөппүттэрбит, оҕолорбут, А.И. Габышев уолунаан Дамирдыын, А.В. Платонов уолунаан Толялыын олоххо киллэрэргэ үлэлэспиттэрэ. Бу проект оскуола, төрөппүт, үөрэнээччи бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэ. Дьаарбаҥка-быыстапкаттан саҕалаан аһымал кэнсиэри тэрийиигэ тиийэ бары көхтөөхтүк үлэлэспиттэрэ. Билигин куорат биир кэрэ-бэлиэ миэстэлэриттэн биирдэстэрэ буолан гимназия тэлгэһэтигэр дьэндэйэн турар.
Аҕа сүбэтэ общественнай тэрилтэ гимназия төрүттэниэҕиттэн оскуолабыт ис-тас үлэтигэр, оҕону иитиигэ күүскэ кыттыһар. Кэлиҥҥи сылларга Саха сирин аҕаларын лигата Габышев А.И. салалтатынан тэриллиэҕиттэн ыла үлэбит – хамнаспыт өссө күүһүрдэ, таһаарыылаах буолла. Холобур, икки сыллааҕыта (2015-2016 үөрэх дьылыгар) Дьокуускайга бастакынан Киин уокурукка Гасанбалаев М.Д. салалататынан «Аҕа сүбэтэ» тэриллибитэ уонна тута «Аҕа уонна уол» диэн күрэх ыытыллыбыта. Онно гимназиябыт Аҕа сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Жерготов Е.Е., эр дьон учууталлар уонна аҕа төрөппүттэр улахан үлэни ыыппыттара. Куоракка, ордук Киин уокурукка ыытыллар араас хабааннаах тэрээһиннэргэ кыттабыт. Гимназия олоҕор күүскэ орооһон, иитэр – үөрэтэр үлэҕэ ылсыһан үлэлиибит.
Былырыын 2017 с. «Аҕа – дьиэ кэргэн сүрүн тирэҕэ, дьиэ кэргэн – дойду бигэ тирэҕэ» диэн ыҥырыылаах өрөспүүбүлүкэ аҕаларын II-с сийиэһигэр гимназиябыт 3 аҕата, Жерготов Е.Е., Тихонов Т.Р., Оконешников Я.Т. көхтөөх кыттыыны ылбыттара.
Сылын аайы ыытыллар уокуруктааҕы, куораттааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа уонна уол күрэҕэр» аҕаларбыт уонна кинилэр уолаттар көхтөөхтүк кытталлар. Холобур, былырыыҥҥы куораттааҕы күрэххэ Христофоровтар дьиэ кэргэннэрэ иккис миэстэни ылбыттара. Онтон быйылгы күрэххэ Слепцов Вячеслав Александрович уолунаан Сашалыын эмиэ 2-с миэстэни ылбыттара.
2015 сылтан саҕалаан гимназия иһинэн уолаттарга эрэ аналлаах «Бэдэр» сайыҥҥы туристическай поход тэриллэн үлэлээбитэ үһүс сылыгар барда. Бастакы сылыгар Хаҥалас сиригэр-уотугар оҕолор тыаҕа сылдьан уоту сатаан отторго, күөс өрөргө, хоту-соҕуруу ханна баарын быһаарарга буспуттара-хаппыттара, уопсайынан элбэх сатабылы ылбыттара. Ону таһынан байыаннай үөрэҕи ааспыттара: саанан ытарга, автоматы, бэстилиэти ыһарга-хомуйарга уо.д.а. уһуйуллубуттара. 2016 сыллаахха Таатта ытык-бэлиэ сирдэринэн айаннаабыттара. Онтон 2017 сыллаах айан Дьокуускай куорат 385 үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах бырагыраамманан тэриллибитэ. Бу иннинээҕи сылларга биирдии улууһу хабан сылдьыбыт буоллахтарына, үһүс сырыыга 3 улууска (Уус- Алдан, Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас) сылдьан ыырдара кэҥээтэ. Ол эбэтэр оҕолор Дьокуускай (Ленскэй) остуруок бу үс улуус сиригэр–уотугар тутулла сылдьыбыт миэстэлэрин көрдүлэр. Үөрэнээччилэр эрчийэр-уһуйар, билэр-көрөр сыаллаах айаҥҥа сылдьан улахан тургутууну ааһаллар. Айаҥҥа 6-11 кылаастары бүтэрбит уолаттар кытталлар.
Үөһэ ахтыллыбыт тэрээһиннэрбит, бырайыактарбыт таһынан өссө да элбэх үлэ бара турар. Ол курдук гимназия эр дьон учууталларыгар аналлаах «Булчут үүтээнэ» (санатар буоллахха, аҕалар уонна эр дьон учууталлар муҥха кыттыһан ылбыттара), начаалынай кылаас уолаттарыгар аналлаах уус-уран ааҕыы «Бэргэн» хоһоонньуттар бөлөхтөрө (сал., Скрябина Т.А.), орто сүһүөх оскуола уолаттарыгар аналлаах «Тыллыы» уус-уран ааҕыы, хоһуйуу устуудьуйата (сал., Саввинова А.Ф.), «Айсберг» байыаннай патриотическай кулууп (сал., Жерготов Е.Е.) уо.д.а. уопсай гимназия иһинэн ылыллыбыт оскуола + төрөппүт + үөрэнээччи хабааннаах бырайыактара ситиһиилээхтик үлэлииллэр.
Өссө төгүл аҕаларбытын «Аҕа күнүнэн», уолаттарбытын «Уол оҕо күнүнэн», булчуттарбытын «Булчут күнүнэн» итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит. Биллэн турар бу бырааһынньыктарбыт эр дьону эппиэтинэстээх, көхтөөх буоларга ыҥырара саарбаҕа суох. Ону таһынан оҕону иитиигэ (уолуттан кыыһыттан тутулуга суох) аҕа оруолун үрдэтэргэ туһуланар. Этээлэр дии, оҕо кыра эрдэҕиттэн дьонун үтүктэн киһи-хара буолар диэн. Онон, аҕаларбыт, дурда-хахха дьоммут бирэмэ суох диэбэккэ, сылайдым-элэйдим диэбэккэ оҕолорбутугар болҕомтото ууруоҕуҥ, дьиэ кэргэн иитэр-такайар үлэтигэр күүскэ орооһуоҕуҥ, чөл олоҕу тутуһуоҕуҥ, спорду өрө тутуоҕуҥ, сыаллаах-соруктаах буолуоҕуҥ, дойдутугар дьиҥнээх «хаһаайын» киһини иитэн таһаарыаҕыҥ диэн ыҥырабыт.
Аҕа сүбэтин чилиэнэ, Саха гимназиятын учуутала Ноев Степан Олегович.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕа күрэҕэ буолан ааста.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕа күрэҕэ быйыл муус устар 6-7 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун 2-с Наахара нэһилиэгэр 19-с төгүлүн ыытылынна. Аҕа күрэҕэ үгэс быһыытынан кыайыылаах хамаанда сиригэр-уотугар ыытыллар. Быйылгы күрэххэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх (14 хамаанда) хамаанда кытынна. Күрэҕи Ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтин кынатын аннынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар лигалара, Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтата, Аҕалар сүбэлэрэ кыттыһан ыыттылар.
Бэлиэтиир эбит буоллахха, быйыл куораттан икки дьиэ кэргэн хамаандата уонна куорат аҕаларын түмсүүлэриттэн элбэх бэрэстэбиитэл кыттыбыта кэрэхсэбиллээх.
Бу дьыл кулун тутар 23 күнүгэр Чочур Мырааҥҥа Саха гимназията уонна куораттааҕы Аҕалар сүбэлэрэ 2-с сылын куораттааҕы «Уол уонна аҕа» күрэҕин тэрийэн ыыппыттара. Барыта 8 уокурук хамаанда туруоран кыттыбыта. Улахан эрийсиилээх, тыҥааһыннаах күрэхтэһии кэнниттэн бастакы миэстэни былырыыҥҥы кыайыылаахтар Птицын Константин уолунаан ылбыттара. Онтон биир очукуонан хотторон, II-с бочуоттаах миэстэҕэ биһиги гимназиябыт хамаандата Слепцов Саша аҕатынаан Вячеслав Александровичтыын тиксибиттэрэ. Бастаабыт хамаанда Өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕа күрэҕэр 3-с миэстэҕэ тиксибитэ барыбытын да сөхтөрбүтэ буолуо. Бу ситиһиилэр улахан үлэттэн, бэлэмнэнииттэн, куорат аҕалара түмсүүлээхтэриттэн тахсар буоллаҕа.
Онон куораттан улахан дэлэгээссийэ тахсан, куоракка даҕаны өрөспүүбүлүкэҕэ, улуус хамаандаларын кытта тэҥҥэ күөн көрсөр, күрэстэһэр хамаандалар баалларын көрдөрдүлэр. Куорат аҕаларын сүбэлэрэ хайдах үлэлии олороллорун туһунан билиһиннэрдилэр.
Аҥардас бу өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһини тэрийсэргэ, дьүүллүүр сүбэҕэ Саха гимназиятыттан Жерготов Егор Егорович (Саха гимназиятын учуутала, Центральнай уокурук уонна гимназия Аҕаларын сүбэтин бэрэссэдээтэлэ), Ноев Степан Олегович (Саха гимназиятын учуутала, төрөппүт, гимназия Аҕатын сүбэтин чилиэнэ), Оконешников Яков Тимофеевич (Өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар лигаларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, төрөппүппүт) көхтөөх кыттыыны ыллылар. Маны таһынан ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан Ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтин миниистирэ Иван Луцкан уонна Азия чөмпүйүөнэ, Олимпиада оонньууларын кыттыылааҕа Айаал Лазарев, Инновациялаах үөрэх сайдыытын киинин дириэктэрэ Дмитрий Титов уонна да атын салайааччылар, нэһилиэк баһылыктара, общественнай хамсааһыннар кытыннылар. Аҕа күрэҕин иһинэн ыытыллыбыт семинарга гимназия Аҕатын сүбэтин үлэтин-хамнаһын, бырагыраамматын, бырайыактарын, оскуола, төрөппүт уонна үөрэнээччи хайдах ситимнээхтик үлэлииллэрин туһунан уопуттарын сиһилии кэпсээтилэр, санаа атастастылар.
Күрэх кыайыылааҕынан Чурапчы улууһун хамаандата, Борисовтар дьиэ кэргэннэрэ ааттанна. Кыайыылаахтары, күрэх кыттыылаахтарын эҕэрдэлиибит уонна инникитин да ситиһиини баҕарабыт.
Саха гимназиятын Аҕа сүбэтэ.