“Айыы Кыһатын” улахан көрсүһүүтэ
Кулун тутар 18 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан саҕалаан оскуолабыт иһигэр дьон-киһи үмүөрүһэ мустан, үөрэнээччилиин-төрөппүттүүн, учууталлыын-выпускниктыын республика үрдүнэн буолбут “Мин оскуолам” бырайыак чэрчитинэн ирэ-хоро сэһэн-тэппэн, дьарык-дьыала түбүгэр түстүлэр.
Ол курдук, кэлиҥҥи кэмҥэ биһиги оскуола кутун туппут күүстээх хайысхата – Аҕа Сүбэтэ учууталбыт Николай Викторович Андреев уонна түмсүү салайааччыта Александр Михайлович Соров үөрүйэх салайыыларынан барда. Манна кэлбит 50 аҕа уруккуттан үлэлэһэр төрөппүттэр санааларын иһиттилэр, Аҕа Сүбэтин үлэтин-хамнаһын, үтүмэн ситиһиилэрин билистилэр, салгыы үлэлииргэ бигэ далаһа бырахтылар.
Былырыыҥҥыттан оскуолабыт эбээлэрин көҕүлээһиннэринэн, биһиги оскуолаҕа үөрэнэр сиэннээх эбээлэр түмсэр, сиэннэрин туһугар араас эйгэҕэ кыттыһар, үлэни сүрүннэһэр буоллулар. Бу да сырыыга маннык үтүө холобурга үгүс 30 эбээ кэлэн кыттыста, онон үлэ хаамыыта кэҥиир уонна тэтимирэр чинчилээх.
Сайыҥҥы лааҕырга суруттарыы – өссө биир күүстээх үлэ араҥата. Бу күн манна 50-тан тахса оҕо кэлэр сайын ханнык лааҕырга барыаҕын талла, оскуола сайыҥҥы өттүгэр туох үлэни-хамнаһы торумнуурун билистэ. Хайысха салайааччыта, учууталбыт Наталья Николаевна Никулина бу эйгэҕэ быйыл үрдүкү кылаас оҕолорун сыһыаран, үлэ ордук көдьүүстээх, иһирэх буолла. Оҕолор ордук “Кустук” лааҕыр үлэтин биһирии көрдүлэр.
Өссө биир ураты көстүүнэн, сааскы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн – үүнээйи сиэмэтин олордуу түһүлгэтэ буолла. Манна 150-тан тахса оҕо кытынна, хас биирдии кылаас Дьяконова Марфа Николаевна, Ильина Күннэй Анатольевна, Пестерева Татьяна Васильевна, Егорова Сусанна Мизайловна, Сухаринова Ольга Петровна салайааччылаах бөлөхтөргө үлэлээн, бу кэм олус тоҕоостоох сүбэлэрин ыллылар. Бэлиэтээн эттэххэ, бастааҥҥы маастар-кылааһы биһиги куоракка киэҥник биллэр сибэккиһит Боотулу Надежда Алексеевна үс үөрэнээччитин илдьэ кэлэн көрдөрдө. Бу түгэни төрөппүттэр да, оҕолор да олус сэҥээрдилэр. Уопсай үлэҕэ элбэх оҕо, ордук 8-с, 10-с кылаас оҕолоро көмөлөстүлэр. Итиннэ даҕатан эттэххэ, сибэкки рассадата олордубут кылаастар аны саас аһымал акция тэрийиэхтэрэ. Онон бу тэрээһин – саҕалааһын эрэ буолар.
Саамай элбэх киһини муспут түһүлгэ, биллэн турар, саха народнай поэта Сэмэн Данилов төрөөбүт күнүн көрсө – кини тылларыгар суруллубут ырыалары истии күөн күрэһэ буолла. Бары 22 кылаастан 605 оҕо кытынна. Көрөр сүбэҕэ биллиилээх мелодист, биһиги оскуолабыт гиимнин суруйсубут Алексей Кириллович Калининскай, аатырбыт хормейстер, улахан учуутал Светлана Макарьевна Шестакова, биһиги дэгиттэр эйгэлээх, аҕыс кырыылаах учууталбыт Захар Иванович Федоров, ырыаҕа учууталбыт, истиҥ ырыалаах Павел Олегович Липатов, тэрийээччи-педагог Иван Иванович Андреев уонна оскуолабыт дириэктэрэ Лидия Петровна Шамаева киирдилэр. Кыайыылаахтар лауреат, дипломант үрдүк аатын ыллылар. Бэлиэтээн эттэххэ, манна өссө эбээлэр ансаамбыл туруоран, баар бары дьоҥҥо үрдүк холобур буоллулар.
Психолог Вероника Павловна Васильева салайыытынан, "Дьиэ кэргэн дьарыгын эйгэтэ" диэн төрөппүттэргэ анаан оҕо иитиитигэр сыһыаннаах сүбэлэри биэрэр соруктаах төгүрүк остуол буолан ааста. Уопсайа 35 төрөппүт кытынна. Вероника Павловна бэлиэтииринэн, хас биирдии ыал иитии боппуруогар тус-туспа ньыманы, үөрэтиини туттар. Оҕо хайдах киһи буолан улаатара дьиэ кэргэн культуратыттан тутулуктаах, кыра оҕо сааһыттан дьиэ иһигэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ хайдах сыһыан олохтоммута улахан сабыдыаллаах. Бу тэрээһиҥҥэ төрөппүттэр дьиэ кэргэннэригэр оҕолорун иитэр ньымаларын, үгэстэрин мустубут төрөппүттэргэ бэйэлэрин көрүүлэрин, санааларын, опыттарын атастаһар сыалаах кэпсээтилэр. Инникитин өссө түмсэргэ баҕаларын эттилэр. Түмсүүгэ көхтөөтүк кыттыбыт Отова Сардана Ивановнаны, Дьячковская Сардана Владислаловнаны, Макарова Вероника Александровнаны, Андреева Лена Семеновнаны, Терентьева Мария Георгиевнаны, Габышева Евгения Николаевнаны бэлиэтиир оруннаах.
Эбиэттэн киэһэ оскуола үгэс буолбут дьарыктара – “Удьуор утум” бырайыак сааскы түһүлгэлэрэ салгыы үлэлээтилэр. Манна Мандар Уус көҕүлээһининэн республика үрдүнэн буола турар Туос ураһаны тигиигэ кыттыстыбыт (таспаны тигии), уруһуй түһүлгэтэ, уһаныы, дебат, ас астааһына, омук тылын түһүлгэтэ, кыыс кистэлэҥэ (хаппахчыга кэпсэтии), математическай турнир, булт-алт хайысхата, медицина, фотошоп, сахалыы остуол оонньуулара, бизнес, “Пангея” кулууп, музыка, айар үлэ түһүлгэлэрэ үлэлээтилэр. Ол курдук, 5-8 кылаас оҕолоро манна талан ылбыт эйгэлэригэр маастар дьону кытта көрсөн, сатабылларын сайыннардылар. Уопсайа 310 оҕо, төрөппүт кытынна
Түмүктээн эттэххэ, оскуола хас биирдии үөрэнээччитэ, төрөппүтэ уонна учуутала – үһүөн кыттыһар, алтыһар, дьарыкка киирэр эрэ түгэннэригэр – дьиҥнээх саха үөрэҕэ, куорат эйгэтин алдьатыылаах нүһэр сабыдыалыгар киирбэт, төттөрүтүн онтон көмүскэнэр төрүт билии, сатабыл буолан тахсыаҕа. Түгэнинэн туһанан, бука бары үлэни сүрүннээбит учууталларга, төрөппүттэргэ, үөрэнээччилэргэ барҕа махтал тылларын этэбит!
Рустам Каженкин,
дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы.