Үс кыттааччы тоҕус түһүмэҕэ
Оскуола эйгэтигэр: үөрэнээччи уол, төрөппүт аҕа уонна үөрэтэр учуутал икки ардыгар туох баарый? Ханнык уопсай көрүү, алтыһыы көрүҥнэрэ баалларый диэн ыйытыы турбута хаһыс да сыла буолла. Ол курдук, 2015 сыл саҥатыгар, маҥнай-утаа оскуолабыт иһинэн 3 хамаандаттан саҕалаан баран, улам тэнийэн, быйыл төрдүс төгүлүн тоҕус хамаанда күөн күрэс тоҕус түһүмэҕэр илин-кэлин түһүстүлэр.
Кыттааччылар үс эйгэттэн киирэн кытталларын иһин – Үс кыттааччы диэн буолбута, “Уол – Аҕа – Учуутал” диэн. Быйылгы, Куораттааҕы классическай гимназия киэҥ, сырдык спортивнай залыгар күөн күрэскэ Айыы Кыһатын аҕалара (2 хамаанда), Айыы Кыһатын учууталлара, Айыы Кыһатын уолаттара, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия (ДьКНГ) учууталлара, ДьКНГ уолаттара, Саха политехническэй лицей аҕалара, Куораттааҕы классическай гимназия аҕалара уонна “Мичээр” оҕо саадын аҕалара – 9 бөлөх буолан, маннык көрүҥнэргэ күрэхтэстилэр:
1). Автоматы ыһыы-хомуйуу;
2). Общевойсковой защитнай көстүүмү кэтии;
3). Сыал ытыы;
4). Тардыныы;
5). Хары баттаһыыта;
6). Тутум эргиир;
7). Мүһэ былдьаһыыта;
8). Ыстаныы;
9). Канат тардыһыыта.
Көстөрүн курдук, саха төрүт дьарыга уонна байыаннай бэлэмнэнии алын кирбиитэ тэҥҥэ сылдьаллар. Бу хас да сыл чочуллубут көрүҥ. Маны хара саҕаланыаҕыттан сыа-сым курдук тутан, иилээн-саҕалаан, биһиги оскуола ахсааҥҥа уонна ОБЖ-га учуутала Николай Викторович Андреев илдьэ сылдьар. Биллэн турар, кини көҕүлээһинэ уонна бүтүн оскуола эр дьон учууталларын уонна аҕаларын түмсүүлэрин түмүгэ – маннык проект буолан таҕыстаҕа.
Онон, күөн күрэс түмүгүнэн бастыҥнар:
Автоматы ыһыыга-хомуйууга – Айыы Кыһатын уолаттара;
Общевойсковой защитнай көстүүмү кэтиигэ – Айыы Кыһатын уолаттара;
Сыал ытыыга – “Мичээр” оҕо саадын аҕалара;
Тардыныыга – Айыы Кыһатын аҕаларын 1 хамаандата;
Хары баттаһыытыгар – СПЛ аҕалара;
Тутум эргиир – ДьКНГ аҕалара;
Мүһэ былдьаһыытыгар – ДьКНГ учууталлара;
Ыстаныыга – Айыы Кыһатын уолаттара;
Канат тардыһыытыгар – СПЛ аҕалара.
Уопсай көрдөрүү түмүгүнэн,
1 миэстэ уонна кубок – Айыы Кыһатын уолаттарын хамаандатыгар тигистэ.
2 миэстэ – “Мичээр” оҕо саадын аҕалара буоллулар.
3 миэстэ – Айыы Кыһатын аҕаларын 1 хамаандата буолла.
Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит!
Түгэнинэн туһанан, бу күөн күрэскэ күүс-көмө буолбут гимназия директорыгар Ипатьева Ольга Юрьевнаҕа өйөбүлүн иһин, гимназия физкультураҕа учуутала Ильин Степан Васильевичка тэрийсибитин иһин күүскэ махтанабыт!
Рустам Каженкин,
“Айыы Кыһата” оскуола иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы.