Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин сүрүн ис хоһооно уонна тутула
Бу дьыл олунньу 19 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ Тыраанспар техникумугар “Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин сүрүн ис хоһоонун уонна тутулун” тула уопсастыбаннас Өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Бу мунньаҕы Президент аппаратын иһинэн Тыл политикатын сэбиэтэ, Үөрэх уонна Наука министиэристибэтэ, олохтоох омуктар Төрүт оскуолаларын чинчийэр үнүстүүт итиэннэ саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын Өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтэ тэрийэн ыыттылар. Сүбэ мунньах Олоҥхо дьиэтигэр арчыланыы сиэриттэн – туомуттан саҕаланна. Ол кэнниттэн Тыраанспар техникумугар “21 үйэҕэ ийэ тыл кэскилэ” диэн ааттаах төгүрүк остуол буолла.
Төгүрүк остуолу Олоҥхо Өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Шишигина Ф.В. киирии тылынан аста. ТООЧИ дириэктэрэ Семенова С.С саха тылын литературатын уонна култууратын салгыы үөрэтии дьыссаат оҕотуттан саҕалаан, орто уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр биир ситимнээхтик барыахтааҕын, уөрэх сыалын–соругун, салгыы сайдар суолун- ииһин тобулар ис хоһоонноохтук барыахтааҕын быьаарда. СӨ Үөрэх уонна наука министрин солбуйааччыта Габышева Ф.В. саха тылын уонна литературатын, култууратын үөрэтии хайысхатын, билиҥҥи туругун, инники кэскилин мустан олорооччуларга саас-сааһынан кэпсээн, быһааран биэрдэ. Мунньахха учууталлартан ураты, тыл үөрэҕэр сыһыаннаах араас тэрилтэлэр салайааччылара, үлэһиттэрэ бааллар. Олортон Олоҥхо ассоциациятын үлэһитэ, тыл наукатын кандидата Захарова А.Е., норуот педагогикатын көхтөөх үлэһитэ, педагогика наукатын кандидата Чехордуна Е.П., С.Н. Донской -2 аатынан учууталлар идэлэрин үрдэтэр үнүстүүт үлэһитэ Шишигина В.Р., ТООЧИ үлэһиттэрэ Унарова В.Я., Иванова А. В., саха тылын, литературатын учууталлара: Каженкин Р.Н., Барашкова Ж.Н., 51 дьыссаат сэбиэдиссэйэ, сахалыы дьыссааттар үлэһиттэрин методическай холбоһугун салайааччыта Захарова С.М. иитии–үөрэтии туһунан бэйэлэрин көрүүлэрин эттилэр. Захарова С.М. уһуйаан оҕолоругар сахалыы иитии –үөрэтии, сахалыы эйгэни тэрийии уонна сайыннарыы үлэтэ утумнаахтык ыытылларын туһунан кэпсээтэ. Кини И.И. Каратаев босуобуйата эргэрбитин , саҥа мэтэдиичэскэй босуобуйаларга наадыйалларын туһунан эттэ. В.В. Илларионов , А.Е Захарова олоҥхону дириҥник хорутан үөрэтэр туһатын этэн туран, тылбыт баайа олоҥхоҕо баарын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр, бу хайысхаҕа анал программа оҥоһулуннаҕына туох-эмэ түмүккэ тиэрдиэхтээҕин ыйдылар. Орто анал үөрэх ситимигэр саха тылын уонна төрүт култуураны үөрэтиини саҕалаабыттар. Онуоха оҕолор идэлэригэр сөп түбэһэр ис хоһоонноох салааны талан үөрэтэллэр. Бу биридимиэттэри анал үөрэхтээх учуутал үөрэппэт эбит, тыл үөрэхтээхтэрэ үөрэтэллэр. Унарова В.Я. иһитиннэриитигэр оҕо тыла 3-4 сааһыттан күүскэ сайдарын туһунан иһитиннэрдэ. Оҕо ити сааһыгар икки тылы тэҥинэн истэ сылдьан, истибит тылын- өһүн, информациятын, ол эбэтэр тыл тас көрүҥүн конструктор курдук, араастаан уларыта сылдьан туһанарын туһунан кэпсээтэ. Кини тылы ити курдук өйдөөн барар. Тылга ылбыт билиитэ- көрүүтэ үөрүйэххэ кубулуйар. Тыл өттүгэр сатабыла, үөрүйэҕэ сайдыбыт оҕо ханнык баҕарар тылы ылынарын туһунан кэпсээтэ. Ити кыһалҕаны быһаарар, төрөппүккэ аналлаах босуобуйа наадатын ыйда. “Барҕарыы” пуондатын салайааччыта Поисеева А.И. биһиги тэрилтэбитинэн Өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы тылынан ыытыллар тэрээһин аҕыйах. “ Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ оҕону барытын хабан кытыннарбат. Онон сахалыы тылынан араас көруҥнээх тэрээьиннэри бары кыттыһан ыытар туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Кыайыылаах оҕолорго дьоһуннаах бэлэхтэри оҥорон, оҕо сайдарыгар кыах биэрэргэ, үөрэххэ киирэригэр эбии баалы көрөргэ бэйэтин баҕатын биллэрдэ. Култуура салаатыгар туспа кэнсиэпсийэ суруллара наадатын Попова Г.С-Санаайа ыйда. Култуура уонна тыл анаан үөрэтиллиэхтээҕин туһунан В.В.Илларионов санаатын үллэһиннэ. Онтон салгыы Олесова С.Г.литература уруога киһини иитиигэ ананарын, онуоха саҥа учуобунньуктарга сөптөөх айымньылар таҥыллан киирбиттэрин туһунан бэйэтин этиитин саҕалаан баран, ону оҕоҕо тиэрдии учууталтан тутулуктааҕын туһунан тоьоҕолоон бэлиэтээтэ.
Чехордуна Е.П. олоҥхону дириҥник хорутан ырытарга, үөрэтэргэ икки –үс суол баарын ыйда:
1. Олоҥхону үөрэтии усулуобуйатын тэрийии 2. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону олоҥхо тылынан –өһүнэн , олоҥхо тыыныгар иитэри ситиһии. 3. Олоҥхонон иитиини Аан дойду таһымыгар таһаарыы.
С.Н.Донской -2 аатынан учууталлар идэлэрин үрдэтэр үнүстүүт үлэһитэ Шишигина В.Р.этиитигэр оскуола иитии –үөрэтии хайысхатыгар сүнньүн булан турарын, аны эдэр ыччаты иитиигэ –үөрэтиигэ үлэ хайысхата быһаарыллыахтааҕын ыйда. Концепцияҕа үөрэтиини салайыыга биир туспа салааны киллэрэн биэрэр наадатын эттэ. Салайааччыларга механизм булан киллэриэххэ сөп. Учуутал тус суолун көрүнэн, үлэлиир моделын булан, метапредметнэй түмүгү ситиһэригэр үлэлэһэр наадатын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ..
Дьокуускай куорат “Айыы кыһата “ оскуолатын учуутала Каженкин Р.Н. кэнсиэпсийэ оскуолаттан тахсыахтааҕын, оскуола хонтуруоллуур кыаҕа суох буолбутун туһунан, салгыы “Саха төрүт оскуолата” диэн өйдөбүл киириэхтээҕин, ол үлэни бары ыытыахтаахпытын; сыыһа – халты таҕыстаҕына, саба түһэн, кырдьыкпытын булан иһиэхтээхпитин эттэ. Сийиэс резолюциятын олоххо киллэриини хонтуруоллуур хамыыһыйа 16.02 бастакы мунньаҕын ыыппытын, алтынньы ыйга резолюцияны туппут 12 тэрилтэ отчуоттуохтааҕын туьунан иһитиннэрдэ.. Олоҥхо эрэ тыла буолбакка, суруйааччылар айымньылара эмиэ тыл эйгэтин кэҥэтэр диэн санааны эттэ. Оскуолаҕа оҕону аадырыһынан киллэрэргэ кэтээн көрөр үлэни тэрийэн ыытар сеп буолбутун ыйда. Итинтэн салгыы, нуучча тылын грамматиката саха тылын иннинэ үөрэтиллэрэ табыллыбатын, саҥа кэнсиэпсийэ оҥоһулуннаҕына, саҥа учуобунньуктары оҥорууга учууталлары кыттыһыннарар наадалааҕын, учууталлар оҥостубут, мунньуммут методбосуобуйаларын көрөн –истэн бэчээккэ таһаарыы, улуустарга үөрэх салалтатын иһинэн саха тылын, литературатын уонна култууратын мэтэдиистэрэ көруллүөхтээхтэрин, төрүт култуура биридимиэтин толору биридимиэт быһыытынан төнүннэрии курдук этиилэри мунньах кыттыылаахтара иһитиннэрдилэр. Кэнсиэпсийэҕэ аналлаах сүбэ мунньахха ити курдук араас хабааннаах этиилэр киирбиттэрин түмэн, сааһылаан, ырытан докумуоҥҥа киллэриэхтээхтэр. Онуоха анал хамыыһыйа тэриллэн үлэлиэхтээх. Нэһилиэнньэ киэҥ араҥата дьүүллэспитин кэнниттэн, бу кэнсиэпсийэ бырабыытылыстыбаҕа көрүллүөчтээх уонна бигэргэниэхтээх. Мунньаҕы ТООЧИ дириэктэрэ Семенова С.С. түмүктээтэ.. Мунньах кыттыылаахтара, киирбит этиилэри куоластаан, бигэргэттилэр..
Борисова М.Н. Дьокуускай куорат 26 №-дээх орто оскуолатын
саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.