Экология сылыгар анаммыт «Айылҕа оҕото» күрэх
Алтынньы ый 21 күнүгэр П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатыгар экология сылыгар анаммыт «Айылҕа оҕото» тэрээһин чэрчитинэн алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах «Мин — тыа сирин оҕотобун» күрэх буолла.
Күрэх сүрүн сыалынан алын кылаас оҕотун айылҕалыын алтыһар эйгэтин тэрийии буолар. Бу күрэххэ үөрэнээччилэр бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр. Холобур, “Үрүҥ илгэ” диэн түһүмэххэ күөрчэх ытыйдылар, үрүҥ ас арааһын биллилэр. Оҕону саха төрүт дьарыктарын кытта билиһиннэрдибит: сүөһү иитиитэ, бултааһын, балыктааһын, оттооһун, иистэнии. “Эмтээх үүнээйилэр” түһүмэххэ алта көрүҥ араас отонтон оҥоһуллубут утахтары таайдылар, Саха сирин эмтээх отторун ааттаатылар. “Тииҥ мэйии” түһүмэххэ тиэкиһинэн сорудахтары толордулар уонна дойдулары төһө билэллэрин көрдөрдүлэр. “Уран тарбахха” чаппарааҕы киэргэттилэр, салама оҥордулар. “Өбүгэ оонньуулара” түһүмэххэ “ойбонтон уулааһын” диэн саха төрүт оонньуутугар сымсаларын көрдөрдүлэр.
Барыта 8 куорат оскуолатын хамаандалара кыттыыны ыллылар: №19, 31, 33, 38, оскуола- лаборатория ХИФУ, СПЛ, Айыы Кыһата, Тулагы оскуолата. Бастакы миэстэни Тулагы орто оскуолата уонна 38 нүөмэрдээх орто оскуола ыллылар. Иккис миэстэни оскуола-лаборатория СВФУ, 33 нүөмэрдээх орто оскуолата, “Айыы Кыһата” оскуола үллэһиннилэр. Үһүс миэстэҕэ – 31 нүөмэрдээх орто оскуола , СПЛ, 19 нүөмэрдээх орто оскуола таҕыстылар.
«Мин — тыа сирин оҕотобун» күрэх туһунан санаа үллэстии:
Дмитриева Е.Г. – Саха политехническэй лицей учуутала: “Олус көхтөөх, элбэххэ үөрэтэр, дириҥ ис хоһоонноох уонна үрдүк тэрээһиннээх күрэх буолла.”
Гуляева А.Д. – 38 нүөмэрдээх орто оскуола учуутала: “Күрэх түһүлгэлэрэ олус үчүгэйдик толкуйданан тэриллибиттэр, бэйэбит оскуолабытыгар маннык ыытахха сөп эбит.”
Асекритова М.Л. – 38 нүөмэрдээх орто оскуола төрөппүтэ: “Оҕо маннык конкурска олус сайдар, өй-санаа өттүнэн тупсар. Олус тоҕоостоох конкурс, өссө да сылын аайы ыытылла турдун!”
Жиркова Н.И. – “Айыы Кыһата” оскуола: “Оҕолор ордук утах арааһын боруобалаабыттарын, күөрчэх оҥорон сиэбиттэрин сөбүлээтилэр. Инникитин маннык тэрээһин ыытыллара буоллар, куорат оҕото тыа дьарыктарын билиэ эбит.”.
П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата