Саха тылын уруогар үөрэнээччи дэгиттэр сатабылын сайыннарыыга И.И. Стручкова “Саха бэргэн тыла-өһө” кинигэтин туһаныы уратыта
Бу ыстатыйам биир сүрүн сыала – үөрэнээччи дэгиттэр сатабылын сайыннарыыга ити ааттаммыт кинигэттэн быһаччы холобурдары биэрии, ити биирэ. Иккиһинэн, ааптар, республикаҕа биллэн-көстөр үлэлээх, Үөһээ Дьааҥы оройуонун Табалаах орто оскуолатын учуутала Ия Ильинична Стручкова ити үлэтэ быйыл хос бэчээттэммитинэн, саха тылын үөрэтэр учууталларга болҕомтоҕо туһаайыы.
Биллэрин курдук, үөрэх стандартын саҥа ирдэбилинэн, орто сүһүөххэ (5-9 кылаастар) оҕоҕо туһаайыылаах дьарык, о.э. методист М.А.Попова тылынан эттэххэ, “үөрэнэргэ үөрэнии” ирдэнэр. Ону хайдах гынабыт диэн билигин үгүс киһи арааһы толкуйдаан, санааларын үллэстэллэр. Ол курдук, бэйэ туһаайыылаах (личностнай), бэйэни салайыныы (регулятивнай), билии-көрүү (познавательнай) уонна бодоруһуу (коммуникативнай) диэн дэгиттэр сатабылларга туһаайыы күүһүрүөхтээх. Балартан үс сатабылы холобурдаан көрдөрөбүн. Онуоха, сорудах аайы предметнай, метапредметнай уонна личностнай сатабыллар бииргэ сылдьаллар. Ити үһү бииргэ тута сылдьыы – учуутал биир ураты сатабыла буолуох тустаах.
Бэйэ туһаайыылаах (личностнай) сатабыллар:
“Бэйэҕэ ыйытыы туруоруу. Мин кимминий?”
Сыала: үөрэнээччи бэриллибит тыллары туһанан бэйэтин дьайыытын сыаналана үөрэниитэ (рефлексия).
Сааһа: 10-15.
Үлэ көрүҥэ: Психологы кытта бөлөххө үлэ.
Туох наадата: тэтэрээт, уруучука, “Саха бэргэн тыла-өһө” кинигэттэн: 1) Даҕааһын ааттар, эбэтэр 2) Сомоҕо домохтор.
Үлэ хаамыыта:
1. “Эйиигин кытта бииргэ үөрэбин” дьарык.
Оҕолор төгүрүччү тураллар. Уонна биир-биир бэйэ-бэйэлэрин кытта илии тутуһа-тутуһа “эйиигин кытта бииргэ үөрэбин” дииллэр. Төгүрүччү туран хаалаллар.
2. Психолог кэпсэтиигэ таһаарар ыйытыылары биэрэр: Эһиги санааҕытыгар, бииргэ үөрэнэр оҕолоргут санааларын уларытыахха сөп дуо? Хайдах? Араас дьону кытта араастаан сыһыаннаһаргытын болҕойон көрбүккүт дуо? Ким бэйэтин олус үчүгэйдик билэбин дии саныырый? Бэйэҕитин төһө сөбүлүүгүт? Атын дьонтон туох уратылааххытый? Бэйэни билэр наада дуо?
3. “Ситэрэн биэр” дьарык:
Бэриллибит тыллары (сомоҕо домохтору) туһанан этиилэри ситэрэн биэр:
Бэйэм толкуйдаан көрдөхпүнэ, мин ...
Атын дьон хараҕар, мин ...
Инникитин мин ...
Манна хас биирдии этиигэ 5-10 тылы (сомоҕо домоҕу) булан суруйан биэриэхтээх. Тыллар (сомоҕо домохтор) эрдэттэн бэриллэллэр:
Тыллар: Амарах, аламаҕай, алыптаах, ааргы, бардам, боччум, бүгүрү, бүрэ, бүтэҥи, дохсун, дьүккүөрдээх, дьиппиэн, дьэллик, дьоһун, иһирэх, истиҥ, курус, мөдөөт, мындыр, номоҕон, нүһэр, сыыдам, симик, сайаҕас, сиэдэрэй, сайдам, сулумах, талыы, тыйыс, талба, татым, толоос, уйаҕас, хоодуот, чэмэлкэй, чулуу, элэккэй, эҕэлээх, эриэккэс.
Сомоҕо домохтор: аҕыс айдаанынан, айаҕар ас киирбэт, айаҕа хам буолбат, айаҕын булунар, аллараа сыҥаах буолар, анныгар баттыыр, аҥар да атаҕар тиийбэт, балыктааҕар кэлэҕэй, барар сирэ баҕана үүтэ, барыах-кэлиэх сирин булбата, бас баттах, биир күн ат уорҕатыгар – биир күн ат өрөҕөтүгэр, дьэбин уоһуйар, икки сирэй, иннин тымтыктанар, киэҥ көҕүстээх, кур бэйэм кубулуйбакка, кус сүрэх, кутуйах иинин кэҥэтэр, кутурукка сөрөммүн, күөгэйэр күнүм, күөх оту тосту үктээбэт, кыната сарбыллыбыт, кыһыл тылыгар олордор, кыыла турбут, моонньо суон, муннугар сыттаах, муус сүрэх, сымыыттааҕар бүтэй, сытар ынаҕы туруорбат, таала кырыыламмыт, тимир тириитин кэппит, тутум үрдүүр, тыал хоту сылдьар, тылыттан хаптарбыт, тыынын таһаарар, уйатыгар уу киирбит, улар мэйии, халлаан киһитэ, харыйаны таҥнары соспут курдук.
“Үөрэххэ сыһыаммын сыаналаныы” (О.Карабанова методикатыгар олоҕуран)
Сыала: “үчүгэй үөрэнээччи” өйдөбүлгэ сыһыаны тургутуу, өйдөөн-төйдөөн, туохха эрэ олоҕуран санааны этэргэ, сааһылыырга үөрэнии.
Сааһа: 10-15.
Үлэ көрүҥэ: Суругунан үлэ.
Туох наадата: тэтэрээт, уруучука, “Саха бэргэн тыла-өһө” кинигэттэн: Өс хоһоонноро
Сорудаҕа: Бэриллибит ыйытыыларга хоруйдаа:
- Эн санааҕар, “үчүгэй үөрэнээччи” диэн өйдөбүлгэ ханнык өс хоһооно сөп түбэһэрий?
Өс хоһоонноро: Үөрэх баар – бараммат баай. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр. Үөрэнии син биир сүүрүгү утары эрдинэр кэриэтэ. Үчүгэй кинигэ киһи өйүн байытар. Былыргы киһи ынаҕынан баай, аныгы киһи үөрэҕинэн баай. Киһи дьоло – үлэҕэ. Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй. Дьолу баҕарар буоллаххына, үлэни таптаа. Сир үүнүүтүнэн, киһи оҥорбутунан сыаналанар. Олоруохтааҕар оҥорор ордук. Сылдьыбыт сыыһы булар, көрдөөбүт көмүһү булар. Ким саҕалыыр – ол бүтэриэхтээх. Тыл дьыалаттан арахсыбат. Эрэй элбэххэ үөрэтэр. Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар. Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах. Сатаабаты үөрэт, билбэти өйдөт. Ким доҕордоох – ол дьоллоох. Киһи киһинэн олорор. Кыра тыал хоппот киһитэ. Кус быһый, ат бөҕө. Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах. Аҕал диэтэххэ антах хайыһар, ыл диэтэххэ ымах гынар. Уу иһэ-иһэ хайҕанар. Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх. Салыҥнаах балык курдук... о.д.а.
- Эн бэйэҕин “үчүгэй үөрэнээччи” диэн өйдөбүлгэ киллэрэҕин дуо?
- Суох буоллаҕына, эн үчүгэй үөрэнээччиттэн туох уратылааххыный?
- Эн санааҕар, ханнык өс хоһоонун тутустахха, эн тускунан үчүгэй үөрэнээччи диэххэ сөбүй?
Сыана туруоруу кэриҥэ:
1 – эппиэт суох;
2 – ситиһии тылларын туһанар;
3 – бэйэ уонна бэйэҕэ сыһыан тылларын ааттыыр буоллаҕына.
Бодоруһуу (коммуникативнай) сатабыллар:
“Компьютер презентацията”
Сыала: бэриллибит информацияны сааһылааһыҥҥа, быһаарыыга уонна билиһиннэриигэ олоҕуран, оҕо бодоруһар дьайыыларын бөҕөргөтүү. Презентацияны уопсай бэлэмниир кэмҥэ бэйэ-бэйэни кытта үлэлииргэ үөрэнии.
Сааһа: 11-15.
Үлэ көрүҥэ: Бөлөҕүнэн үлэ.
Туох наадата: ноутбук, проектор, “Саха бэргэн тыла-өһө” кинигэ.
Сорудаҕа: Бөлөхтөр учуутал биэрбит эбэтэр бэйэлэрэ талбыт тиэмэлэригэр презентация оҥороллор. Маҥнай утаа уопсай быһаарыынан былааннарын уонна слайд бэрээдэгин быһаарсаллар, онтон пааранан үлэҕэ оҕолор кинигэни туһанан слайд тексин уонна ойуутун булаллар. Оҥоһуллубут презентация атын бөлөххө сыанабыл ылар.
Сыаналааһын кэриҥэ:
- Бииргэ үлэ түмүктээх буолуута;
- Кинигэттэн туһааннаах тыллары, этиилэри сөпкө уонна түргэнник булуу, сатаан аттаран туруоруу;
- Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү, хонтуруоллаһыы;
- Бэйэҕэ сыһыан таһыма: үөрэ-көтө, күһэллии эрэ быһыытынан, аат эрэ харата.
Билии-көрүү (познавательнай) сатабыллар:
“Ох тыллар”
Сыала: Ох тыллары (бэргэн тылы-өһү) кытта үлэлиир дьоҕуру сайыннарыы.
Сааһа: 11-15.
Үлэ көрүҥэ: Бөлөҕүнэн үлэ.
Туох наадата: “Саха бэргэн тыла-өһө” кинигэ, тэтэрээт.
Сорудах арааһа:
1. Ис хоһооннорунан майгыннаһар сомоҕо домохтору бөлөхтөөһүн. Бэйэ ааттааһына.
Сомоҕо домохтор: аҕыс айдаанынан, айаҕар ас киирбэт, айаҕа хам буолбат, айаҕын булунар, аллараа сыҥаах буолар, анныгар баттыыр, аҥар да атаҕар тиийбэт, балыктааҕар кэлэҕэй, барар сирэ баҕана үүтэ, барыах-кэлиэх сирин булбата, бас баттах, биир күн ат уорҕатыгар – биир күн ат өрөҕөтүгэр, дьэбин уоһуйар, икки сирэй, иннин тымтыктанар, киэҥ көҕүстээх, кур бэйэм кубулуйбакка, кус сүрэх, кутуйах иинин кэҥэтэр, кутурукка сөрөммүн, күөгэйэр күнүм, күөх оту тосту үктээбэт, кыната сарбыллыбыт, кыһыл тылыгар олордор, кыыла турбут, моонньо суон, муннугар сыттаах, муус сүрэх, сымыыттааҕар бүтэй, сытар ынаҕы туруорбат, таала кырыыламмыт, тимир тириитин кэппит, тутум үрдүүр, тыал хоту сылдьар, тылыттан хаптарбыт, тыынын таһаарар, уйатыгар уу киирбит, улар мэйии, халлаан киһитэ, харыйаны таҥнары соспут курдук.
2. Бэриллибит өс хоһоонноругар ханыылыы атын омук өс хоһооннорун тылдьыт эбэтэр интернет көмөтүнэн булуу.
Өс хоһоонноро: Үөрэҕэ суох киһи хараҕа суох кэриэтэ. Үчүгэй кинигэ киһи өйүн байытар. Күн сири сырдатар, үөрэх – киһини. Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх, оһох кыымнаах. Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй. Эдэр сааскар үлэлии үөрэммэтэххинэ, кырдьар сааскар туга да суох хаалыаҥ. Тылы дьыаланан солбуй. Тылы тыалга бырахпаттар. Тыл уҥуоҕа суох. Киһи тыла күлүүс тыла буолбатах – тылын ыллым диэн эрэнимэ. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат. Кырдьык күннээҕэр сырдык. Балык үйэтин тухары хатырыга уларыйбат. Харчы ахсааны сөбүлүүр. Харах көрөн үөрэр, кулгаах истэн сэргиир. Сүппүт көстүбэт, тимирбит күөрэйбэт. Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл. Үтүө сүбэ өтүүтээҕэр көмөлөөх. Барыам диэн маскын бараама. Киһи эриэнэ иһигэр, көтөр эриэнэ таһыгар. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ... о.д.а.
Сорудаҕы быһаарыы:
1. Бэриллибит сомоҕо домохтору бөлөхтүөххэ сөп дуо? Хайдах? Бөлөхтүүргэ тугу билиэхтээхпитий, туохха олоҕуруохтаахпытый?
2. Хайа баҕарар омукка өс хоһооно баар. Ол эрэн биир өйдөбүлү, көстүүнү бэлиэтиир уобарастааһына атын-атын буолуон сөп. Эһиги соруккут, саха өс хоһоонугар ханыылыы өс хоһооннор баалларын-суохтарын билии.
“Айымньыга уус-уран этиилэр”
Сыала: Уус-уран этиилэри айымньыттан була, бэйэ тылыгар киллэрэ үөрэнии.
Сааһа: 11-15.
Үлэ көрүҥэ: Бөлөҕүнэн үлэ.
Туох наадата: “Саха бэргэн тыла-өһө” кинигэ, тэтэрээт.
Сорудах арааһа:
1. Саха литературатыгар билигин үөрэтэ сылдьар айымньыгар уус-уран этиилэри хайдах булуохха сөбүй? Үлэҥ хаамыыта хайдаҕый?
2. Хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ, драмаҕа уус-уран тылы булар уратылаах дуо? Баар буоллаҕына, ол туохха олоҕурарый?
Сорудаҕы быһаарыы: “Саха бэргэ тыла-өһө” кинигэ 2-с чааһын көр, ааптар айымньылартан уус-уран этиилэри хайдах булбутун кэтээн көрүҥ. Санааҕытын үллэстиҥ.
“Өс хоһоонноро”
Сыала: Саха таайтаран этэр майгытыгар олоҕуран, өс хоһоонун суолтатын өйдүүргэ үөрэнии.
Сааһа: 11-15.
Үлэ көрүҥэ: Бөлөҕүнэн үлэ.
Туох наадата: “Саха бэргэн тыла-өһө” кинигэттэн өс хоһоонноро, тэтэрээт.
Сорудах арааһа:
1. Бутуллубут өс хоһоонноро. Карточкаҕа бастакы уонна иккис аҥаардара сөп түбэһиспэт 10 өс хоһооно бэриллэр. Оҕо маны сааһылаан, суолталарынан өс хоһооннорун таһаарыахтаах.
Манна үөрэнээччилэр өс хоһооннор аҥаардарын булалларыгар туохха олоҕурбуттарын, кинилэр булбут өс хоһоонноро туох суолталааҕын, ханнык майгыннаһар баарын туһунан кэпсэтии тахсар.
Өс хоһоонноро:
1. Куобах маҥана, өйдөөх оннооҕор ордук.
2. Аска өстүйүмэ, ол дьоллоох.
3. Ыстаабыккын эрэнимэ, аччыкка аһы көрдөрүмэ.
4. Ким доҕордоох, тииҥ харата үчүгэй буолар.
5. Үтүө ат биир кымньыылаах, быһыаҥ иннинэ кэмнээ.
6. Оҕустан охторгор муоһуттан тутус, ас ааттыа суоҕа.
7. Киһи киэнигэр ымсыырыма, үтүө киһи биир тыллаах.
8. Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, ыйыстыбыккын эрэн.
9. Күүстээх үчүгэй, бэйэҥ киэниттэн матыаҥ.
10. Тоҥмукка уоту, аттан суулларгар сиэлиттэн харбаа.
2. Бэриллибит өс хоһоонноруттан биир талан кэпсээн суруйар. Кэпсээн өс хоһоон суолтатын арыйыахтаах. Талалларыгар, кинилэргэ саамай суолталааҕын талыҥ диэн этиллэр. Кэпсээн ис хоһооно барыта өс хоһоонун суолтатын арыйарга туһаайыллар. Түмүктүүр этиинэн оҕо талбыт өс хоһооно буолуохтаах.
Өс хоһоонноро:
1. Ынах маҥыраһан, сылгы кистэһэн, киһи кэпсэтэн билсэр.
2. Айан аргыһы таптыыр.
3. Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат.
4. Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ умнуллубат.
5. Билбэтэххиттэн кыбыстыма, үөрэммэтэххиттэн кыбыһын.
6. Дойду сурахтаах, алаас ааттаах.
7. Ким саҕалыыр – ол бүтэриэхтээх.
8. Дьэбиннээх тимир үлэҕэ күлүмүрдүүр.
9. Ууга түспүт киһи оттон тутуһар.
Сыаналааһын кэриҥэ:
- Тиэкистэн сөптөөх быһа тардыыны булар сатабыл;
- Өс хоһоонун суолтатын тэҥнээн көрөн дьүөрэлиир сатабыл;
- Өс хоһоонун суолтатын арыйар бэргэн этиилэри туһаныы;
- Бэйэ санаатын дакаастыыр, ситимнээн сайыннарар сатабыл;
- Ураты, тиэмэҕэ сыһыаннаах тиэкиһи оҥорон таһаарар сатабыл.
Түмүктээн эттэххэ, ити үөһэ суруллубукка олоҕуран, учуутал бэйэтэ сорудах тиһиктэрин оҥороро кыаллар уонна сөптөөх. Бэйэ нөҥүө ити сорудахтары аһарбат, өйдөөбөт, оҕолору кытта ыытан көрөн баран чочуйбат буоллахха, Үөрэх саҥа стандарта киирэригэр кэккэ ыарахаттары көрсүөххэ сөп дии саныыбын.
И.И.Стручкова кинигэтэ анаан итиннэ оҥоһуллубут кинигэ. Онуоха өссө кэҥэтэн, дириҥэтэн, хас биирдии учуутал үлэтигэр, оҕолоругар туһаайдаҕына олус сөптөөх. Арай наар ити кинигэнэн үлэлиибит диэн саныыр тутах. Тоҕо диэтэххэ, “Саха бэргэн тыла-өһө” оҕоҕо мотивация үөскэтэргэ, үлэтин бастакы хардыытын оҥороругар туһаайыахха сөп диэн толкуйдуубун.
Предмет, метапредмет уонна личностнай түмүктэри сыаналааһын туһунан чопчулуур буоллахха, бэриллэр сорудах иһигэр киирэ сылдьаллара ордук курдук. Оччоҕо сыанабыл тула өттүттэн көрүллүбүт, толору буолар, иккиһинэн, предмет эрэ таһымыгар эппиэттэһэр үөрэнээччилэри тардан таһаарарга тоҕоостоох буолуон сөп. Этэн аһарбытым курдук, оҕо бу кинигэнэн учуутал көмөлөөх саҕалыыра ордук, онтон сыыйа-баайа бэйэтэ эрэ, ол кэннэ ити кинигэҕэ ылбыт сатабылын, уһугуннарбыт дьоҕурун атын эйгэҕэ туһаныан сөп. Биир үксүн үөрэх билиҥҥи эйгэтин сыала ити быһыылаах.
Литература:
1. Войтов А.Г. Учебная наглядность. – М.: ИТК “Дашков и Ко”, 2013.
2. Компетентностно-ориентированные задания. Конструирование и применение в учебном процессе. – М.: ФИПИ, 2013.
3. Компетенции в образовании. Формирование и оценивание. – М.: ФИПИ, 2013.
4. Стручкова И.И. Саха бэргэн тыла-өһө. – Дьокуускай: Бичик, 2014.
5. Формирование универсальных учебных действий в основной школе : от действия к мысли. Система заданий : пособие для учителя – М.: Просвещение, 2013.
Каженкин Рустам Николаевич,
Айыы Кыһатын саха тылын,
литературатын учуутала, Дьокуускай к.