Саха тылын учуутала уонна куорат эйгэтэ.
Саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын холбоһуга тэриллэн үлэлээбитэ 30 -ча сыл буолла. Бу холбоһук бастакы салайааччылара Сха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учууталлара, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ Афанасьев В.Ф., суруйааччы, поэт Босиков В.И. этилэр.
Өр сылларга методист быһыытынан Винокурова Г.Е. үлэлээн, холбоһукпут сайдарыгар күүс-көмө буолбута. Салгыы Унарова В.Я. үлэлэспитэ. Ол кэнниттэн Попова А.И. методист быһыытынан биһигини салайар.
Биһиги холбоһукпутугар 90-ча учуутал үлэлиир. Билиҥҥи уйэҕэ олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр , аныгы көрүүлээх учуутал баара ирдэнэр. Онуоха анаан, бастатан туран, учуутал билиитин-көрүүтүн хаҥатар усулуобуйата тэриллэр. Ол курдук , аҥардас быйылгы үөрэх дьылыгар 5 саха тылын учуутала магистратураны ситиһиилээхтик бүтэрдэ, үс учуутал үөрэнэ сылдьар. Сылын аайы учууталлар идэлэрин үрдэьэр араас куурустарга үөрэнэллэр. Быйыл сахалыы тылынан иитии -үөрэтии үлэтин сүрүннүүр соруктаах саҥа сэбиэт тэриллэн, саха тылын учууталларын кытта бастакы мунньаҕы ыытта. Онно инники үлэ былаана, сэбиэт сыала –соруга, устааба көрүлүннэ. Маны таһынан, Сийиэскэ дэлэгээттэр талыллан бигэргэннилэр. Мунньаҕы үөрэх управлениетын началнигын солбуйааччы Попова Т.Н. салайан ыытта.
Кэлиҥҥи сылларга учууталга көмөлөөх саха тылын кабинета таҥыллан тарҕаммыта. Онно үөрэххэ сыһыаннаах кинигэлэр, пособиелар, диискэлэр бааллар. ФГОС ирдэбилигэр сөп түбэһэр саха тылыгар уонна литературатыгар саҥа үөрэх кинигэлэрэ уонна бырагыраамалара бэчээттэнэн таҕыстылар. Манна икки учууталбыт, Молукова Л.Ф, Попова М.М, ааптар быһыытынан үлэлэстэ. Ону сэргэ саха тылын кэпсэтии таһымыгар үөрэтэр кылаастарга анаан, бырагыраама уонна саҥа үөрэх кинигэлэрэ бэчээттэнэр буоллулар. Онуоха Федорова М.М., Васильева Галина Прокопьевна салайааччылаах учууталлар бөлөхтөрө айымньылаахтык үлэлээтэ. Ый аайы учууталлар түмсэн билиилэрин –көрүүлэрин хаҥаталлар, санааларын атастаһаллар. Ол курдук, бу үөрэх дьылыгар 5 семинары тэрийэн ыыттыбыт. 12-с 38-с 17-с оскуолаларыгар, Хатаска, Саха гимназиятыгар буолбут тэрээһиннэргэ учууталлар үлэлэрин кэпсээтилэр, үөрэтэр оҕолорун дьоҕурдарын, талааннарын көрдөрдүлэр. Биһиги оҕолорбут олимпиадаҕа, конференцияҕа, конкурстарга ситиһиилээхтик кытталлар. Бу хайысхаҕа 23,31, 17, Саха гимназиятын, Хатас, Саха политехническай лицейин, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияны, нуучча оскуолалрыттан 6, 15,20, 26 о.д.а оскуолалары бэлиэтиэххэ сөп.
Үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэрдээхпит. “Аман өс”тыл этиитин, “Два языка –два родника” диэн ааттаах нуучча оскуолаларын икки ардыларыгар конкурустар, “Уруйдуубун төрөөбүт дойдубун” фестиваль. Ону тэҥэ “Тииҥ мэйии”, Мин Саха сирин олохтооҕобун” диэн Саха политехническай лицей, Айыы кыһата тэрийэр интеллектуальнай оонньуулара үрдүк таһымнаахтык бараллар. Учууталлар тус бэйэлэрин семинардара үгэскэ кубулуйда. Быйыл 17, Саха гимназиятыгар итинник семинардар буолан аастылар. Быйыл декада чэрчитинэн куоракка аан бастаан оҕолорго өйтөн суруйуу күрэһин уонна дьыктаан суруйуутун тэрийэн ыыттыбыт. Бу тэрээһиннэргэ оҕолор да учууталлар да көхтөөхтүк кытыннылар. Бастыҥ үлэлэр “Бэлэм буол” хаһыакка уонна “Хатан” сурунаалга бэчээттэнэллэр.
Ону сэргэ биһиги учууталларбыт араас куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бырайыактарга көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук “Учим якутский язык”, “Любим якутский язык”, ону сэргэ “ Үөрэх бырагырааматыгар киирбит саха суруйааччыларын айымньыларын артыыстарга аахтарыы” бырайыактарыгар үлэлэспиттэрэ. Дьокуускай куорат 26 “-дээх оскуолатыгар “Улахан дьоҥҥо саха тылын үөрэтии “ диэн ааттаах бырайыакка Борисова М.Н. Пестерева Н.И., Пестерева Е.Н., Молукова Л.Ф., Кулакина Т.Е. Слепцова А.А., айымньылаахтык үлэлээн, дьон –сргэ биһирэбилин ылбыттара.
Маны сэргэ, сахалыы эйгэни тэрийии хайысхатынан “Арчы” дьиэтин, оҕо библиотекаларын, литературнай музейы, саха академическай , олоҥхо тыйаатырдарын кытта бииргэ үлэлэһэбит. Кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр учууталларбыт кэккэлэрэ хаҥаан иһэр. Итиэннэ эр дьоннорбут элбииллэр. Билигин биһиги кэккэбитигэр 4 эдэр киһи үлэлиир. Онон, түмүктээн эттэххэ, методическай холбоһук үлэтэ барыта- учуутал уонна оҕо үүнэригэр сайдарыгар ананар, онуоха кыаҕы биэрэр.
Куорат саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларыттан сийиэскэ 40 дэлэгээт кыттыыны ылыаҕа. Бу дэлэгээттэр истэригэр уһуннук үлэлээбит опыттаах учууталлар, үлэлэригэр ситиһиилээх бастыҥ учууталлар, кэскиллээх эдэр учууталлар бааллар. Саха тылын үөрэтэр хас биирдии оскуолаттан биирдии делегат кыттарын курдук тэриннибит.
Борисов М.Н., Дьокуускай куорат саха тылын, литэрэтиирэтин култууратынын холбоһугун салайааччыта.
Материалы Сийиэскэ анаан... Навстречу съезду... по ссылке