Саха тылын судаарыстыбаннай тыл быһыытынан оскуолаҕа үөрэтии
Сахалыы саҥа
Саха үөрэҕэ
Салааланан сайдан
Сандааран таҕыстын.
Алампа.
1992 сыл “Саха республикатын тыл туһунан сокуон” уонна 1995 “Үөрэхтээһин туһунан сокуон” саха тылын оскуолаҕа үөрэтии тосхоллорун чуолкайдаабыта. 1992-93 үөрэх сылыттан республикаҕа нууччалыы тыллаах оскуолаларга саха тылын кэпсэтии таһымыгар уонна Саха сирин төрүт омуктарын культураларын үөрэтии утумнаахтык саҕаламмыта. 1999-2000 үөрэх сылларын Республикатааҕы Базиснай үөрэх былааныгар нуучча тыллаах оскуолаларга 1-7 кылааска диэри саха тылын государственнай тыл быһыытынан булгуччулаах үөрэтии ирдэммитэ. Маны таһынан тылы кытта тэбис тэҥҥэ олохтоох норуот культуратын үөрэтии көдьүүстээҕин, оччоҕо эрэ үрдүк таһымнаах духовнай эйгэ олохтонорун туһунан ЮНЕСКО норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннарыгар үөрэхтээһин боппуруоһугар ыйбыта.
Дьокуускай куорат 23№-дээх орто оскуолатыгар тыл туһунан сокуону 2006 сылтан Г.А.Афонскай дириэктэрдии кэлиэҕиттэн ылынан күн бүгүнүгэр диэри үөрэтэ сылдьабыт. 2016-17 быйылгы үөрэх дьылыгар барыта 44 комплект кылааска- 1327 үөрэнээччи үөрэнэр. Бу 44 комплект кылаастан 7 кылааска саха тылын предмет быһыытынан 215 үөрэнээччи үөрэтэр. Онтон саха тылын государственнай тыл быһыытынан 6-9 кылааска диэри 335 үөрэнээччи, онтон нуучча кылаастарыгар төрүт омуктар культураларын 10-11 кылаастарга 125 үөрэнээччи үөрэтэр. Бу этиллибит 1-9 диэри нуучча кылаастарыгар 434 саха оҕото нуучча кылааһыгар үөрэнэр буолан төрөөбүт тылын кэпсэтии таһымыгар үөрэтэр. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттан 5, 224 нуучча о5ото уонна биһиги республикабытыгар 120 араас омук биир дьиэ кэргэн курдук олорор буоллахпытына, биһиги оскуолабытыгар 20 араас омуктаах 35 оҕо саха тылын государственнай тыл быһыытынан үөрэтэллэр.
Саха тылын государственнай тыл быһыытынан үөрэтии сүрүн сыалларынан, бастатан туран Саха республикатыгар олорор атын тыллаах омуктары саха тылын кэпсэтии таһымыгар биллэрии, төрүт омук культуратын өйдөөн ытыктааһыннара буолар. Сахалыы кэпсэтии сиэрин билии, саха тылын сайдыытын историятын туһунан наадалааҕын өйдөтүү-бу атын омуктарга саха тылын үөрэтэр учуутал сүрүн соруга. Маны таһынан атын тыллаах омук оҕото саха тылын үөрэтэригэр толерантнай буолара, саха тылын уонна саха төрүт культуратын ытыктыы, убаастыы улаатарыгар усулуобуйа тэрийии- бу оҕону иитиигэ бүгүҥҥү үөрэх сүрүн ирдэбилэ буолар.
Дьокуускай куорат 23№-дээх орто оскуолатыгар саха тылын государственнай тыл быһыытынан үөрэтии сүрүн тосхоллорун, үөрэтии ньымаларын билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.
Бастатан туран уруокка кэпсэтии истиҥ эйгэтин тэрийии наада. Маны тэҥэ саха тылын тоҕо үөрэтэллэрин, элбэх тылы билии билиҥҥи олох ирдэбилэ буоларын, саха норуота культура , искусство эйгэтигэр Аан дойдуга ситиһиилэрин, саха биллиилээх учуонайдара, классик суруйааччылара төрөөбүт тылларыгар истиҥ сыһыаннарын билиһиннэрэн туран үөрэнээччилэри сөптөөх турукка киллэрэр көдьүүстээх. Маныаха мин саха тылын өйдүү сатыырым, үөрэтэрим миэхэ чахчы наада эбит диэн өйдөбүл оҕоҕо иҥиэхтээх.Хас биирдии оҕо тылы ылынара араас. Сорох саҥарары сатаабакка тылы өйдүүр да буолара сөптөөх.
Үөрэнэр кинигэнэн, көмө видео матырыйаалларынан хааччыллыы кэнники сылларга баар.
Ордук туһанар ньымаларбыт:
- Оҕо көрөн үөрэнэр ньымата. Хартыынаны, уруһуйу, предмети көрдөрөн, тыллары уонна этиилэри саҥарда үөрэтии.
- Бодоруһуу ньымата. Күн аайы туттуллар тылларынан кэпсэтии, судургу сонуну истии уонна кэпсэтиигэ кыттыһыы. Мэлдьи кэпсэтиигэ туттуллар тыллары хатылаан ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
- Уруокка оруолларынан оонньуу ньыматын туттуу. Араас темаларга кэпсэтии.Холобур : “Рынокка”, “Катокка” , “Библиотекаҕа”.
- Оҕону билиигэ-көрүүгэ көҕүтэр ньыма. Үөрэнээччи интэриэһинэй ис хоһоонноох тиэкиһи билсэн, тылы билэргэ дьулуһуута. Холобур «Аадырыс» «Билсиһии» «Кыһыны атаарыы» «Хомус» уо.д.а. тиэмэлэринэн ис хоһоонунан үлэ.
- Үөрэнээччи ситимнээх саҥатын сайыннарыы ньымата. Манна сүрүн болҕомто тиэкиһи кытта үлэҕэ уонна грамматика боппуруостарыгар ууруллар. Тиэкиһи кытта билсэн баран тыл эрчиллиилэригэр, бастатан, сөпкө саҥарыы, онтон грамматика боппуруостарыгар эрчиллии киирэр. Бэриллибит тиэкистэргэ олоҕуран диалог, монолог оҥорорго дьулуһуохтаахтарын ситиһиллэр.
Куорат оскуолаларын икки ардыгар сылын аайы ыытыллар олимпиадаларга, куонкурустарга мэлдьи кыттабыт уонна кэккэ ситиһиилэрдээхпит.Саха сирин улуустарын, музейдарын, төрөөбүт кыраайбыт интэриэһинэй сирдэрин туһунан үөрэнээччилэрбит тиһигин быспакка иһитиннэрии, реферат, презентация оҥороллор. Табыллыбыт үлэлээхтэр кыра кылаастары кэрийэ сылдьан кэпсээн, интэриэһиргэтэн үлэлэрин көмүскүүллэр. Маны таһынан сылын аайы ыытыллар саха тылын Декадатыгар оскуола иһигэр история, география, саха тылын учууталларын түмсүүлэринэн нуучча кылаастарыгар “Төрөөбүт кыраайым” диэн куонкурус ыытыллар. Бу нууччалыы эйгэлээх оскуолаҕа араас омук учууталлара бииргэ түмсүүлээхтик үлэлиирбит үөрэтэр оҕолорбутугар өйдөһүүнү, эппиэтинэһи үөскэтэр.
Ол гынан баран бу саха тылын нуучча кылаастарыгар үөрэтиибитигэр кэккэ проблемалар бааллар:
1. Уу сахалыы тыллаах, иитиилээх о5орун төрөппүттэр нуучча кылааһыгар үөрэттэрэллэр. Аҥардас биһиги оскуолаҕа нуучча кылааһыгар 1-9 кылаастарга 434 сахалыы куттаах оҕо нуучча кылааһыгар үөрэнэллэр. Бу боппуруоһу биллэн турар төрөппүтү эрэ кытта үлэ быһаарар. Өссө детсадка киириэн иннинээҕи саастаах төрөппүттэргэ өйдөтөр үлэ ыытыллара наадалаах дии саныыбын.
2. Саха кылааһа сорох сыл көтөн арыллар. Холобур биһиги оскуолаҕа саха тылын предмет быһыытынан үөрэтиилээх маҥнайгы кылаас түөрт сылга биирдэ көтөн аһыллар. Бу проблема оскуолабыт дьиҥинэн 800 эрэ миэстэлээх, ону билиҥҥи туругунан тыһыынчаттан тахса оҕо үөрэнэр усулуобуйата тэриллэн турар. Онуоха биир сменаҕа да көһүү кэккэ ыарахаттардаах буолан тахсар.
Норуоттар икки ардыларыгар үтүө сыһыан олохтоноругар төрүт олохтоох омук тылын билии, өйдөөһүн үтүө эрэ түмүктэри аҕалара мэлдьэҕэ суох.
“Язык есть самая живая, самая обильная и прочная связь, соединяющая отжившие, живущие поколения народа в одно великое, историческое, живое целое. Он не только выражает собою жизненность народа, но есть именно сама жизнь.” Константин Ушинский.
Дьокуускай куорат 23№ дээх орто оскуолатыгар саха тылын учууталлара Кулакина Т.Е, Гаврильева В.С.
Норуот үгэстэригэр олоҕуран оҕо кутун-сүрүн сайыннарыы.
Ороһутааҕы норуот педагогикатын төрүттээччи, норуот педагикатын Ассоциациятын тэрийбит, республика оскуолатын үтүөлээх учуутала, “Барҕарыы” фондатын бастакы лауреата, Россия айымньылаах педагогикатын Академиятын академига Константин Спиридонович Чиряев 1998 сыллаахха “Олох педагогиката” диэн кинигэтигэр суруйбута: “Саха итэҕэлигэр киһи үс куттаах диэн буолар. Ийэ кут, салгын кут, буор кут. Ол аата киһи айылҕаттан төрүттээх. Айыы үөрэҕэ сиэр-майгы үрдээһинин, киһитийии үөрэҕин быһыытынан айыллыбыта уонна үгүс киэбинэн айылҕаны үтүктэрэ педагогическай сыала-соруга үрдүгүн кэрэһэлиир. Онон биһиги манна болҕомтолоохтук сыһыаннаһарбыт эрэйиллэр.”
Айыы үөрэҕэ диэн тугуй? Айыы үөрэҕэ-саха майгыта-сигилитэ, өйө-санаата, ырыата-тойуга, оһуора-мандара, сиэрэ-туома, үгэһэ, экологията, айылгыта, кэскилэ. Айыы үөрэҕэ диэн саха философията.
Билиҥҥи үөрэх ирдэбилинэн оскуола дьиҥ чахчы көхтөөх, айымньылаах үлэ позициятыгар туруохтаах: оҕо бэйэтэ үлэлиирин күүһүрдэн, билиини бэйэтэ көрдөөн буларын ситиһиэхтээх. Оҕону өйүн-санаатын, духуобунай ис культуратын, айар дьоҕурун сайыннарыы - бу билиҥҥи үөрэхтээһин сүрүн соруга. Онуоха учуутал тэрийээччи, салайааччы, көмөлөһөөччү, сүбэлээччи оруолугар буолуохтаах. “Оҕо ситиһиилээхтик үөрэнэрэ, личность быһыытынан үүнэрэ-сайдара ис духуобунай культурата, майгыта-сигилитэ, өйө-санаата, тыла-өһө кыра сааһыттан төһө чочуллан, сайдан иһэриттэн улахан тутулуктаах. Тоҕо диэтэххэ, үөрэнээччи личность быһыытынан ситэн-хотон тахсыыта үөрэххэ үчүгэй сыһыаны иҥэрииттэн уонна ол нөҥүө култуура сыаннастарыгар сыһыарыыттан ситимнэнэр. Оҕо, чуолаан култуура сыаннастарын төрдүн билбэккэ эрэ, аныгылыы сайдыылаах киһи буолар кыаҕа суох. Сыаннастарга киһини анаан-минээн үөрэтиллибэт, кини маҥнай бэйэтин нөҥүө аһарар, онтон дьэ толкуйдаан, быһааран өйдүүр, ылынар. Культурнай сыаннастар олус наадалаахтар уонна оҕоҕо удьуордааһын нөҥүө дьиэ кэргэҥҥэ ииттииттэн тутулуктаахтар” диэн ССРС уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СР үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара Василий Игнатьевич Николаев “Эн дьолуҥ - оҕо” диэн кинигэтигэр суруйбутун биһиги биһириибит.
Билигин киһи кута-сүрэ уларыйда, уйаҕас уйулҕаланна, араас угаайыга ( этиһиигэ, охсуһууга, киһи сиэриттэн тахсыыга, айманыыга) дэбигис киирэн биэрэр кэмэ кэллэ. Онон куккун куоттарбакка, сүргүн сүтэрбэккэ харыстанан, сэрэнэн олоруохха диэн норуот муудараһын умнумуохха.
Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуолатын учуутулларын иннигэр оҕо бэйэтин кыаҕын, дьоҕурун, талаанын көрдөнө, булуна үөрэнэригэр такайар сорук турбута.
Мантан тэптэрэн өбүгэлэриттэн утумнаан бэриллибит дьоҕурдарын, куттарын-сүрдэрин уһугуннаран сайыннарарга кыах баар буолбута. Оҕо итэҕэйэн, баҕаран туран дьарыктаналларыгар бигэ эрэл үөскээбитэ. Маннык сайыннарар эйгэни тэрийиигэ араас хайысхаларынан үлэбит торумун былааннаабыппыт. Оҥорбут бырайыакпыт 2003-2004 үөрэх дьылыттан үлэлиир. Билигин норуот этническай региональнай уратытын учуоттаан, үөрэтии-иитии биир кэлим эйгэтин олохтооһун көрүллэр. Биһиги омукпут уратытын, үгэстэрин, итэҕэлин олорор эйгэбитигэр сөп түбэһэр гына оҕолорбутугар иҥэрдэхпитинэ духуобунай ис культура өттүнэн үүнүөхпүт. Онон сибээстээн бырайыакпыт сыала-соруга – саха оҕото кутугар-сүрүгэр иҥэринэ сылдьар дьоҕурун арыйан сайыннаран,бэйэтин норуотун историятын, сиэрин-туомун, ис духовнай культуратын ытыктыыр, онтон сиэттэрэн атын араас омук культуратын өйдүүр, чөл санаалаах киһилии киһини иитэн таһаарыы. Бу сыалы ситиһэргэ маннык соруктары ылыммыппыт:
- Оҕо дьоҕурун таба көрөн сайыннарыы.
- Ийэ тылынан санааны толору саҥарар үөрүйэҕи сайыннарыы.
- Олоххо кэрэ өйдөбүлү арааран көрүү.
- Сиэр-майгы олоххо суолталааҕын өйдөөн, ис культура таһымын үрдэтии.
- «Дьүрүһүй» хомус куруһуога. Салайааччы Кулакина Т.Е.
Хомус - норуот духовнай культуратын биир тутаах көрүҥэ. Төһө да ытыс саҕа буолтун иһин тыаһа нарын-намчы, музыката дьикти – кэрэ, хоһооно хомуһуннаах. Киһини кытта кыттыһан, киһи тыынынан тиллэн ооннььуур буолан, хомус киһилии кэпсиэн, сахалыы саҥарыан, үөрүүнү үрдэтиэн, мунчаарбыты уоскутуон, ыальдьыбыты эмтиэн сөп. Ол иһин хомусчут хомуһун кытта холбоһон, дууһата долгуйан, иэйиитэ киирэн, имэҥирэн оонньоотоҕуна, хомус дорҕооно дьоһунтан дьоһун тойук, нарынтан нарын куолас, ыраастан ыраас ырыа буолан салгын устун намылыйа устан, хайа да киһи кутун тутар, дууһатын долгутар, сүрэҕин үөрдэр. Хомуһу сөбүлүүр киһи хомуһун кытта үөрбүт күнүгэр өрөгөйүн үллэстэр, хомойбут кэмигэр санаатын аралдьытар, ыарыйдаҕына ыарыытын эмтэтэр. Ити курдук былыр былыргыттан өбүгэлэрбит барахсаттар харыстаан илдьэ сылдьыбыт хомустара кэлэр кэскили, ыччаттары иитиигэ-үөрэтиигэ сүдү күүс буола сырыттаҕа.
Хомус – саха культуратын саамай тарҕаммыт, кэрэ көрүҥэ буоларын быһыытынан, киһи барыта оонньуон, үөрэтиэн сөп. Хомуска ооннььооһун үс көрүҥүн арааран өйдөтүү наадалаах: былыргылыы сыыйа тардыы, тыаһы үтүктэн оонньооһун, музыка айан оонньооһун. Онуоха маннык сатабыллары туһанабыт:
- Билсиһии (истии, тутарга, сүрүн охсууга үөрэнии, сүрүн дорҕооҥҥо үөрэнии, тыынарга үөрэнии).
- Умсугутуу (маастардар толорууларын истии, араас ньыманы иһитиннэрии, хомус уустарын билиһиннэрии).
- Уһуйуу (охсуу арааһын уһуйуу, дорҕоону уларытыы, тыыныыга дьарык, кылгас дорҕоону оонньуурга дьарык, сатаан истэргэ дьарык).
- Чочуйуу (бары тэҥҥэ охсуу, тыыныы, тэтими уларытыы, репертуар бэлэмнээһин).
Хомус хомуһуннаах музыката оҕо өйө-санаата сайдарыгар, кута-сүрэ бөҕөргүүрүгэр улахан оруоллааҕын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Ол курдук хомусчут оҕо ааҕар, саҥарар дьоҕура сайдар, ону таҥынан болҕомтолоох, өйгө тутар дьоҕура, сахалыы толкуйа, уйулҕатын сайдыыта үрдүүр.
- «Чэчик» сценаҕа толорор дьоҕуру сайыннарыы куруһуога. Салайааччылар Кулакина Т.Е., Гаврильева В.С.
Саха сытыары сымнаҕас, наҕыл, киэн көҕүстээҕин, үлэттэн илиитин араарбатын, олоххо тардыһыыта ураты күүстээҕин норуот айымньылара кэрэһэлииллэр. Ол да иһин норуот тылынан уус-уран айымньылара, саха суруйааччыларын айар үлэлэрэ үүнэр ыччаты үтүөҕэ-кэрэҕэ, сиэрдээх быһыыга-майгыга ыҥыра-угуйа турдахтара. Норуот өркөн өйө, олоҕу ырыҥалааһына, киһини чинчилээһинэ, кэрэни айыыта барыта ийэ тылыгар – уус-уран айымньыга өлбөт-сүппэт үйэлэнэн иҥэн сылдьар. Биһиги ийэ тылбыт көмөтүнэн оҕо нарын дууһатын уһугуннаран, төрүт тылын ис сүрэҕиттэн ытыктыыр киһини иитэн таһаарыахтаахпыт. Ол инниттэн оҕоҕо төрөөбүт тыл сүөгэйин-сүмэтин иҥэрии, саха суруйааччыларын аахтарыы, айар эйгэҕэ холонуу, хоһуйар ньымалары үөрэтии, сценаҕа туттуу-хаптыы, артыыстааһын, оҕо айымньы геройун уобараһын таба өйдөөн оруолга киирии курдук үлэлэр баһылыыр оруолу ылаллар. Онуоха "Чэчиктэр" сценическай культураны сайыннарар куруһуок сыала-соруга:
- Оҕо айымньы ис хоһоонун ылынан артыыстыыр дьоҕурун арыйыы.
- Оҕо сцеанаҕа дьон иннигэр тутта-хапта сылдьыытын чочуйуу.
«Төрөөбүт кыраай» кыраайы үөрэтэр-чинчийэр куруһуок. Салайааччы Гаврильева В.С. " сыала-соруга:
- Оҕо билэр-көрөр үөрүйэҕин сайыннарыы.
- Оҕо төрөөбүт дойдутугар истиҥ сыһыанын, бэриниилээх буолуутун уһугуннарыы.
- Оҕо бэйэтин ис кыаҕынан чинчийэр үлэтин сыаналаныытын тэрийии.
"... үгэстэр саханы омук быһыытынан киэргэтэр уратылаахтар. Ыччат өбүгэлэрбит ити үгэстэрин хараҕын харатын курдук харыстыахтаах, салгыы сайыннарыахтаах, оччоҕо эрэ саха культурата үйэлэр усталарыгар киһи аймаҕы үөрдэ, биһирэтэ, киэргэтэ туруоҕа."
М.А.Алексеев народнай учуутал
Ханнык баҕар норуот үгэһэ олох күндүтүн, ил-эйэ эрэ өрөгөйдүөхтээҕин, атааннаспат сиэр-майгы, айылҕаҕа, үтүө ыраас санааҕа, дьулуурга сүгүрүйүү олохсуйуохтааҕын итэҕэтэллэр. Үөрэнээччи ону иҥэн-тоҥон үөрэтэр, өйдүүр, сылыктыыр буоллаҕына кутугар холбуон, сүрүгэр иҥэриэн сөп. Бэйэтин норуотун төрүт үгэстэригэр иитиллибит киһи син эмиэ баараҕай мас курдук дириҥ силистээх-мутуктаах, олоххо тирэхтээх буолар. Онуоха биһиги сөптөөх үөрэтэр, уһуйар үлэ, дьарыктаныы араас көрүҥнэрин, ньымаларын тобуларбыт эрэйиллэр. Үөрэнээччи оскуолаҕа билии эрэ ыларынан муҥурдаммакка, сиэрдээх, үтүө быһыылаах-майгылаах, кэлэр кэскилигэр эрэллээх киһи буола үүнэрин ситиһии – бу билиҥҥи үөрэхтээһин ирдэбилэ.
Түбүктээх үлэ хайаан да үтүө түмүктэрдээх буолар. Ол курдук ...
Бырайыак үлэтин түмүгэр эрэнэр эрэлбит - өй-санаа, эт-сиин өттүнэн чэгиэн-чэбдик, саха төрүт өйдөбүллэрин, үйэлээх үгэстэрин ытыктыыр, тутуһар, айылҕаттан бэриллибит дьоҕура сайдыбыт, бэйэтин сайыннарар кыахтаах уонна олоххо суолун булуммут бигэ тирэхтээх, чөл куттаах-сүрдээх киһини иитэн таһаарыы. Онон норуоппут үтүө үгэстэрин иҥэриммит, дьоҕурун сайыннарбыт, майгы-сигили өттүнэн сиппит, олоххо сыалын-соругун өйдөөбүт эрэ ыччат биһиги кэскилбит буолар диэн бигэ эрэллээхпит. Бу курдук тэринэн норуот үгэһин иитэр кыаҕын туһанан, нуучча оскуолатын эйгэтигэр бэйэбит оҕолорбут куттарын-сүрдэрин сайыннаран үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Дьокуускай куорат 23№ дээх орто оскуолатыгар саха тылын учууталлара Кулакина Т.Е, Гаврильева В.С.