Сахалыы тыыннаах саха оҕотун иитии-үөрэтии!
Күн бүгүҥҥээҥҥигэ диэри Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун Федор Кузьмич Попов аатынан Дьокуускай куорат 20 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар уопсайа бастакы кылаастан уон биирискэ дылы 40 кылааска 1138 оҕо үөрэнэр. Үөрэх-билии аартыгар элбэххэ угуйан таһаарар уопсайа 62 учуутал үлэлиир-хамсыыр. 2000 сыллаахтан оскуолабытын Российскай Федерация үөрэҕэриитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Аргунова Ульяна Алексеевна иилээн-саҕалаан салайар. Кини өйөөһүнүнэн 2001 сыллаахтан нуучча оскуолатыгар биирдии сахалыы кылаастар арылланнар сахалыы тыыннаах оҕолору үөрэтэр, куттарын тутар кыах баар буолбута. Урукку сылларга кэккэ биричиинэлэринэн саха кылаастарын алын сүһүөх кэннэ нуучча кылаастарыгар холбоон кэбиһэр эбит буоллахтарына билигин 7г кылааска диэри параллельгэ биирдии саха кылаастара бааллар. Кылгастык хас биирдии кылааһы сырдатан ыллахха, маннык: 2016-17 үөрэх дьылыгар 1 «г» кылааһы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕэриитин туйгуна, «Учитель ученических признаний» бэлиэ хаһаайката, үрдүк категориялаах учуутал Заболоцкая Дария Михайловна 28 оҕону үөрэтэр. Сүрдээх элэккэй майгылаах, үлэтигэр бэриниилээх, хас биирдии оҕоҕо ийэлии долгуйан кыһаллан бүөбэйдээн үөрэтэр. Элбэх тэрээһиннэргэ кыттан оҕолор кыахтарын арыйар.
2 «г» кылааьы 20 сыл устата үлэтигэр үрдүк бэриниилээхтик сыһыаннаһар, бастакы категориялаах учуутал Готовцева Саргылана Илларионовна 33 оҕону үөрэтэр. Хас биирдии саха оҕото чиҥ билиилээх тахсарын ис дууһатыттан кыһаллар. Элбэх саҥа көрүүлээх, этиилээх учуутал араас таһымнаах күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ бэрт ситиһиилээхтик кытталлар.
3 «г» кылааһы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, «За вклад развития г.Якутска» бэлиэ хаһаайката, үрдүк категориялаах учуутал 33 сыл устата элбэх оҕону иитэн-үөрэтэн, такайан таһаарбыт учуутал Иванова Вера Константиновна билигин 29 оҕону үөрэх билии эйгэтигэр угуйар.
4 «г» кылааска Саввинова Любовь Николаевна, бастакы категориялаах эдэр учуутал 34 оҕону үөрэтэр. Бастакы кылаастан оҕоҕо сахалыы тыын, култуура иитиллиэхтээҕин үрдүктүктүк сыаналаан хара маҥнайгыттан «Көмүс дорҕоон» кылаас фольклорнай ансаамбылын тэрийэн хомуска, норуот ырыаларыгар угуйар.
5 «г» кылааьы «Надежда Якутии» бэлиэ хаһаайката, эдэр учуутал Михайлова Дария Ивановна 25 оҕоҕо кылаас салайааччытынан үлэлиир. Баҕалаах, талааннаах оҕолоро «Одун» үҥкүү-ырыа ансаамбылыгар ситиһиилээхтик дьарыктаналлар.
6 «г» кылаас салайааччыта Борисова Наталья Петровна, 11 сыл устата үөрэх эйгэтигэр бэриниилээхтик улэлии сылдьар бастакы категориялаах нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Хас биирдии оҕону иhирэхтик көрөр-истэр, иитэр-такайар.
7 г кылааhы Саха Ɵрѳспүүбүлүкэтин үѳрэҕириитин туйгуна, 4 үѳрэх босуобуйатын ааптара, «Признание заслуг» Дьокуускай куорат Дууматын анал бэлиэтин хаhаайката Федорова Марианна Макаровна салайар. Кылааска 28 оҕо үѳрэнэр.
Кылаас араас таhымнаах куонкурстарга, тэрээhиннэргэ ситиhиилээхтик кыттар. Үѳрэҕи уонна кѳрү–нары тэҥҥэ дьүѳрэлиир. Ол курдук, 5-с кылаастан саҕалаан ДПЦ иhинэн «Радость» диэн вокальнай студияҕа дьарыктаналлар. Студияны Саха Ɵрѳспүүбүлүкэтин үѳрэҕириитин туйгуна Федоров Василий Васильевич салайар.
«Киhи буолан килбэй, Саха буолан сандаар» диэн анал программа чэрчитинэн куорат культурнай миэстэлэригэр сылдьаллар, тѳрѳппүттэри кытта социальнай бырайыактары оҥорон үлэлииллэр.
Куорат олоҕо олус киэҥ эйгэлээх. Элбэх оҕо сайдар-үүнэр кыахтаах. Баҕалаах оҕону төрөппүттэр таба өйдөөн, тобулан сайыннаралларыгар бары усулуобуйа баар. Ону тэҥэ кыра эрдэхтэн икки тылынан нууччалыы, сахалыы саҥарар, өйдүүр кыах баар. Ол эрээри сүрүн кыһалҕанан куорат оҕолоро кэники кэмҥэ сахалыы саҥарар, иитиллэр куттара кэһиллибит диэн бэлиэтэнэнэр. Хомойуох иһин, куорат үрдүнэн хас биирдии оскуолаҕа сахалыы кылаастара суох. Ол өйдөбүл кэники кэмҥэ сөпкө туруорсуллан, эбии сахалыы кылаастара арыллаллара хайҕабыллаах. Саха норуота сүтэн симэлийбэтин туһугар хас биирдии кылаас салайааччыта кэлэр көлүөнэҕэ үрдүк култуураны, итэҕэли, үөрэҕи, баай тыллаах саҥаны ситиһэр сыалы-соругу туруоран үлэлиэхтээхпит дии саныыбын.
Оскуолаҕа улахан кылаастары үрдүк категориялаах учуутал саха тылын уонна литературатын уруоктарын Федорова Марианна Макаровна үөрэтэр. Бэйэтин ааптарыскай учебниктарынан саха тылын ымпыгын-чымпыгын чинчийэн таһаарбыт, ырыппыт кинигэтинэн аны бэйэтин үөрэтэр оҕолорун сахалыы тыынныыр. Ону тэҥэ нуучча кылаастарыгар «Якутский язык, как государственный» куруһуок ыытыллар. Нэдиэлэҕэ 2 чаас саха тыла, 1 чаас литература уруоктара үөрэтиллэллэр. Марианна Макаровна ирдэбиллээх үөрэ5э үгүс оҕоҕо чиҥник киирэр, элбэх билиилээх саха култууратын убаастыыр дьон иитиллэн тахсалларыттан киһи үөрэр.
Оскуолабытыгар сылын аайы Ийэ тылбыт суругун-бичигин көрсөр, бэлиэтиир улахан тэрээһиҥҥэ түмсэбит. Аактабай саалаҕа уопсай түмсүүгэ саха кылаастарын оҕолоро национальнай таҥастарын кэтэн, хомус дьүрүскэн доҕуһуолугар уйдаран биир кэлим оонньооһуну сэргии истибиппит. Марианна Макаровна көҕулээһининэн «Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай» төрөппүттэри кытта интеллектуальнай күрэх бэрт сэргэхтик ыытыллан урдук биһирэбили ылбыта.
Онон түмүккэ этиэхпин баҕарабын, кырдьык билиҥҥи сайдыылаах олоххо саха тыла умнулла быһыытыйан эрдэҕинэ онно бэриммэккэ өссө күүрүүлээхтик, түмсүүлээхтик, саҥаттан саҥаны толкуйдаан, ырыҥалаан олоххо киллэрэн кэлэр көлүөнэбит «Мин сахабын!» диэн киэн тутта билиһиннэрэрин ситиһиэххэ. Төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин сүтэрбэккэ дуоһуйа үөрэниэххэ.
Ыстатыйаны бэлэмнээтэ: 20№ээх орто оскуола алын кылааһын учуутала,
кылаас салайааччыларын методическай холбоһук салайааччыта
Саввинова Любовь Николаевна.