Саха тылын, литературатын уонна култууратын Өрөспүүбүлүкэтээҕи I сийиэһин көрсө

Саха тылын, литературатын уонна култууратын Өрөспүүбүлүкэтээҕи I сийиэһин көрсө Дьокуускай куорат 2-с №-дээх орто политехническай оскуолатыгар араас таһымнаах тэрээһиннэр, күрэхтэр ыытылыннылар.

Ол курдук, сурук-бичик күнүгэр аналлаах декадаҕа, үбүлүөйдээх суруйааччыларбытыгар анаан хоһоонноохтук ааҕыы, викториналар, кылаас чаастара, хаһыат, презентация күрэҕэр оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар көхтөөхтүк кытыннылар.

Оскуолабыт биир тутаах үлэһитэ, оскуола директорын үөрэх чааһыгар солбуйааччы, нуучча тылын, литературатын учуутала Бродникова С.А төрөппүт аҕата, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, учуутал, буойун суруйааччы Бродников Алексей Спиридонович 100 сааһын туолар үбүлүөйүн көрсө, оҕолорго анаан араас күрэхтэри ыыттыбыт. Чурапчы улууһугар республиканскай «Бродниковскай ааҕыыларга» баран ситиһиилээхтик кыттан кэллибит. 7Б кылаас үөрэнээччитэ Петров Арылхан (учуутал Жегусова Т.И) анал бирииһинэн наҕараадаланна. Ойуунускай аатынан литературнай музейга «Күннээх үрдүк кырдалларга күөрэгэйдэр ыллыыллар» диэн ахтыы киэһэтигэр 11Б кылаас оҕолоро (учуутал Варламова А.И), эдэр учууталлар кыттыыны ылбыттара. Оҕолор «Саҥа хаар» диэн А.Бродников тылларыгар ырыаны ыллаан мустубут дьон биһирэбилин ылбыттара.

Куорат үрдүнэн ыытыллыбыт күргүөм дьыктааҥҥа 560 оҕо ситиһиилээхтик кытынна. Ону таһынан оскуола үлэһиттэрэ бэйэлэрин кыахтарын тургутан көрөөрү дьыктаан суруйдулар.

«Два языка, два родника» куорат күрэҕэр оскуолабыт хамаандата 2-с миэстэни ылан үөрүү өрөгөйүн биллэ (учууталлар Сивцева О.М, Кривошапкина Л.Д).

«Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» VII республиканскай уоланнар ааҕыыларын күрэҕэр 6 кылаас уолаттара (учуутал Сивцева О.М) А.С.Бродников хоһооннорунан «Күөх халлаан анныгар оҕолор сайдабыт» диэн дьүһүйүүнэн айымньылаахтык кытыннылар.

Россияҕа биллэриллибит экология сылын көрсө 15№-дээх оҕо библиотекатыгар (сэбиэдиссэй Аргунова М.Н) ыытыллыбыт күрэххэ биһиги үөрэнээччибит Ильин Леня, 6 кылаас (учуутал Кривошапкина Л.Д) 3 миэстэ буолан айылҕа харыстабылын миниистирин дипломунан наҕараадаланна. Библиотека тэрээһининэн куорат историятын үөрэтиигэ 5 – 6 кылаастарга музейдарга экскурсиялар тэрилиннилэр.

5 кылаас үөрэнээччилэрэ «Тыыннаах тыл» диэн эбии үөрэхтээһин чэрчитинэн үгүс ситиһиилэрин иһин «Артек» лааҕырга баран, сынньанан, үөрэнэн кэллилэр (салайааччы Ильина А.А).

Самара куоракка космонавтика сайдыытын корпорациятын тэрийиитинэн ыытыллыбыт IX уол оҕолор научнай ааҕыыларыгар 10 кылаас үөрэнээччитэ Крылов Уйгулан лауреат үрдүк аатын ылбыта (учуутал Ильина А.А).

«Оһуохай» түмсүү 30 сылыгар аналлаах аан бастакы Саха – Корея норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга 4 оҕобут кытынна. 5 кылаас үөрэнээччитэ Борисова Василина (учуутал Ильина А.А) 4 омук тылынан оһуохай таһааран 1 миэстэни ылла.

оһуохай таһааран 1 миэстэни ылла.

Бүтүн Россия республикаларын судаарыстыбаннай тылларыгар олимпиадаҕа оҕолорбут ситиһиилээхтик кытыннылар. Николаева Катя, 11 (учуутал Варламова А.И), Мосорина Кристина, 10 (учуутал Варламова А.И), Ким Юра, 10 (учуутал Ильина А.А) кыайыылаахтарынан буоллулар.

Саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр 3 оҕо куорат олимпиадатыгар миэстэлэһэн, республика таһымнаах олимпиадаҕа бириистээх миэстэҕэ тигистилэр: Павлова Амелита, 8 (учуутал Сивцева О.М), Сирдитова Влада,9 (учуутал Жегусова Т.И), Ощепков Михаил, 10 ( учуутал Ильина А.А).

Быйыл куоракка саҥа сүүрээн – «Тыйаатыр уонна оскуола» бырайыак чэрчитинэн, куорат учууталларын ортолоругар комиссия тэриллибитэ. Биһиги оскуолабытыттан онно Ильина А.А киирэн үлэлии сылдьар. Саха тыйаатыра куорат оскуолаларын кытта бииргэ маннык үлэлэри тэрийэр: тыйаатыр института диэн тыйаатыры кытта сибээстиир балаһааккалары, дьиссипилиинэлэри, тэрээ´иннэри, араас үлэлэри, кэтээн көрүүлэри, тренниннэри ыытыы. Биһиги оскуолабыт быйыл саҥа аһыллыбыт тыйаатырыгар Саха академическай тыйаатыр артыыстара олунньу 14-15 күннэригэр Н. Лугинов «Кустук», Н.Д.Неустроев «Тиэтэйбит» айымньыларынан испэктээкиллэрин оҕолорбут олус астына көрдµлэр. Ону таһынан Саха тыйаатырыгар чэпчэтиилээх билиэттэри атыылаһан, өрөбүл күннэргэ кылаастарынан сылдьабыт.

Оскуола оҕолорун икки ардыгар «Саха лига КВН» ассоциацияҕа киирсэбит, сыл аайы оҕолорбут ситиһиилээхтик кытталлар.

Федеральнай государственнай үөрэх стандартын ирдэбиллэрин толорор туһугар айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Бастакы сийиэстэн төрөөбүт тылы үөрэтиигэ сөптөөх уларыйыылары күүтэбит. Оҕо сахалыы сайдар эйгэтин тэрийэргэ эбии үөрэх чаастара көмө буолуохтара диэн эрэнэбит.

 

Григорьева В.Я, Жегусова Т.И -  Дьокуускай к. 2-с оскуола саха тылын, литературатын учууталлара.

Дьокуускай куорат 2-с №-дээх орто политехническай оскуола методическэй холбоhугун туhунан

Карта сайта

Орфографическая ошибка в тексте:
Чтобы сообщить об ошибке, нажмите кнопку "Отправить сообщение об ошибке". Также вы можете добавить свой комментарий.