П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатыгар «Живая земля» агротехнологическай парк үлэтэ
Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Ленскай образовательнай форум чэрчитинэн буолбут «Открытая школа –горизонты Якутии» быыстапкаҕа П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата кытыыны ылла.
Оскуола дириэктэрэ Иванова Изабелла Сидоровна агротехнологическай парк үлэтин туҺунан кэпсээтэ:
- П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатыгар «Живая земля» агротехнологический парк диэн 2008 сылтан үлэлээн-хамсаан, бу чахчы агротехнологический парк оҥоһулунна диэхпин баҕарабын. Үс оҕустан, биир убаһаттан саҕалаабыппыт уонна тыа хаһаайыстыбатын потребительский кооператив, Тулагы агрооскуола тэриммиппит. Штаппытыгар агроном уонна производственнай үөрэхтээһин маастара бааллар. Биһиги куораты аһатыахтаахпыт диэн сорук, задача туруоранабыт, үп-харчы онтон киириэхтээх, барыта эргийэр буолуохтаах диэн. Ону дакаастаан быйыл үстэ куоракка киирээн строительнай рынокка ас-үөл уонна сана дьыл иннигэр сувенирнай быыстапкалары онорбуппут. Ярмаркаҕа киирбит үп-харчы барыта ыал бюджетыгар барар, ол иһин оҕолор наһаа интириэстээхтэр. Билигин 33 сүөһүлээхпит, 10 ыанар ынахтаахпыт, 22 сылгылаахпыт уонна хас биирдии оҕобут дьиэтигэр-уотугар хаһаайыстыбытыгар тэринэн үлэлииллэр. Иннэ гынан коза иитэллэр, биһиэхэ оскуолабытыгар суох, ол иһин оҕолор бэйэлэрэ баҕаран тураннар дьоннорун күһэйэннэр хаһаайыстыба тэринэллэр. Түөрт оҕолоох улахан дьиэ кэргэнтэн сылдьар оҕобут кролик иитэр, ону атыылыыр, бизнес оҥостон эрэр. Олус интириэстээх оҕо.
Өссө кууруссалаахпыт уонна биһиги саамай улахан интириэспит диэн патеннаах «хара кыталык» моонньоҕону олордобут, тыа хаьаайыстыбатын академиятын кытта күүскэ үлэлэһэбит, кинилэр үлэһиттэрэ биһиги оҕолорбутугар кэлэн улахан научнай үлэлэри суруйтараллар. Биһиги биир үөрэнээччибит сиэмэнэн хортуоска олордор. Академияны кытта сүбэлэһэн дьэдьэн олордобут, сорда «Саха Сирин дьэдьэнэ» диэн.
Кэнники бириэмэҕэ оттооһун чааһа наһаа мөлтөх. Быйыл биһиги оттообут оппут элбэҕэ ууга барда, нэһилиэнньэ киэнэ эмиэ, ол иһин бу билигин биригээдэлэр арыыга тахсан оттоон эрэллэр, онон быйыл тохсунньуга дылы сиир оппут суох, тоҕо диэтэр арыыга сытар оппут кыһын биирдэ киирэр. Атыылаһар сирбит эмиэ суох. Биһиги отчут оҕолорбут үс сыл буолла үлэлээбиттэрэ. Быйыл уон оҕо охсо сылдьаллар. Аан бастаан сэттэ оҕоттон саҕалаабыппыт, онтон быйылгыттан улахан конкурсу ааһан оҕолор онно баран күүскэ үлэлэһэллэр, ону физкультура учууталлара наһаа сөбүлээтилэр, оҕону эт-хаан, өй-санаа өттүнэн эрчийэргэ, иитэргэ наһаа туһалаах эбит диэн. Илиинэн охсоллор, кыраабыллыылар, кэбиһэн таһаараллар. Ону даҕаны биһиги эмиэ кыһалҕаттан барбыппыт, оонньуу буолбатах. кырдьаҕастар сүөһүлэрин ыспыттар биһиэхэ буор босхо сирдэрин уларсаллар, баһаалыста киирэн охсун дииллэр. Хотоҥҥо сайын биһиги үөрэнээчилэрбит сылдьаһаллар, кыһынын отун тиэйээһинигэр уолаттар сылдьыһаллар, дьарыктаах буолуу киин нөҥүө хамнас аахсаллар.
Хаһан эрэ биһиэхэ тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр института 600 тыһыынча калифорнийскай чиэрбэ биэрбитэ, ону билигин элбэтэн, сирбитин онон аһатан, уоҕурдан производительнаһын үрдэтэбит.
Биһиги оскуолаҕа предпринимательство диэн предметтаахпыт номнуо бэһис сылын үөрэтэбит. Оҕолор онно проект суруйан, предпринимательскай конкурстарга кытталлар. Уонна саамай үөрдэрэ диэн выпускниктарбыт тыа хаьаайыстыбатын тэрилтэтин арыйыахтарын баҕараллар, ол аата үлэ миэстэтин таһаарыахтарын баҕараллар. Саамай улахан сыалбыт оскуолаттан үөрэнэн тахсыбыт оҕо, предпринимательство, экономика өттүгэр, дьиэ-уот тэринээһинин өттүгэр уонна олоҕу-дьаһаҕы, киһилии, сахалыы, киһи-киһитэ буолан тахсарга үөрэнэн тахсыахтааҕа буолар. Ону киинэнэн, кинигэнэн, технологиянан буолбакка, олох илиинэн тутан-хабан, от охсуллуута да бу киһиэхэ улаханнык дьайарын, бу биһиги отчут оҕолорбут наһаа үчүгэйдик өйдөөтүлэр. Олох өйдөөбөт этилэр, киинэ курдук көрөллөрө олоҕу. Олох барыта сибээстээх эбит.
Өссө биир сыалбыт диэн оҕо бэйэтин бэйэтэ тэриниэхтээх, кими даҕаны кэтэспэккэ, атаахтаабакка. Устойчивое развитие диэҥҥэ оскуолабыт республиканскай инновационнай проектаах, ол онно биһиги билигин олорор сирбит, олохпут-дьаһахпыт атын көлүөнэҕэ бэриллиэхтээх диэн, ол бэриллэригэр биһиги эппиэттээхпит диэн. Мээнэ олоруу диэн буолбакка, онон-манан саататар өттүнэн дьарыктаммакка, киһи олоҕун киһилии олорбут олоҕо көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэхтээх диэн.
Биһиги оҕолорбут кэнники кэмҥэ экономическайга ордук барар буоллулар, бастаан олох хаамыытынан бараллара, билигин өйдөөн-төйдөөн бараллар, холобур бухгалтерскай, тоҕо диэтэр тэрилтэ тэрийэргэ саамай ыарахана онно эбит. Өссө юридическай үөрэх наада эбит, ону буоллаҕына биһиги оҕолору эрдэттэн юридическай, бухгалтерскай, экономическай, аудит үөрэхтээһинин эрдэттэн оскуолаҕа биэриэхтээхпит дии саныыбыт. Олох билигин түргэтиир, ону кини оскуоланы оҕо курдук бүтэрэн баран, туох эрэ бэлэм баар диэн кэтэспэтин курдук.
Куорат туох баар улахан дьаһалыгар кыттыһабыт, куорат администрациятын, тыа хаһаайыстыбатын министерстватын граннарыгар, бэйэбит Дьокуускай куорат үөрэҕин дьаһалларыгар кыттабыт.
Быйыл 20 тыьыынча курдук сибэккини үүннэрдибит. Куораты киэргэтээһиҥҥэ оскуолалар, детсадтар ылбыттара.
Эппитин, үүтпүтүн бэйэбит остолубуойбутугар туһанабыт. Оҕо рацион быһыытынан элбэх витамин уонна оҕуруот аһын, отону сиэхтээх. Эттээҕэр элбэҕи сиэхтээх эбит, онтукабытын толоро сатаан биһиги дьэдьэн, моонньоҕон олордобут. Уонна оскуола таһыгар бэйэбит типилиицэлээхпит. Оҕолор бэйэлэрэ дьиэ таҺынааҕы эргэ хаптаьыннартан, эргэ оскуолабыт түннүктэринэн, улахан үбэ суох оҥорбуттара. Син дьиэ хаьаайыстыбатын тэриниэххэ сөп диэн өйдөөн эрэллэр. Өскөтүн билигин биһиэхэ сүөһүнү нэһилиэкпитигэр улаханнык эспит буоллахтарына, биһиги оҕолорбут син аҕыйах сылынан төнүннэриэхтэрэ дии саныыбын. Биһиги куорат таһыгар олорорбут наһаа үчүгэй, эмиэ да куорат курдукпут, эмиэ да дэриэбинэ курдукпут, ол гынан баран укладпыт олох тыатыны. Төрөппүттэр үксүлэрэ куоракка киирэн үлэлииллэр.
Сайын кууруссабыт сымыытын атыылыыбыт, ыалга биэрэбит. Син доход киллэрэбит. Ол иһин туох баар мероприятиебытын, оҕолорбутун конференцияҕа ыытарбытыгар бэйэбит ылынабыт. Уонна 250 оҕоҕо сайын аайы лааҕыр тэрийэбит, биһиги оскуолабыт эрэ, таһыгар, 2 тыьыынчаттан тахса сибэкки олорор. Оҕолор ону таһынан бөһүөлэк скверын эмиэ көрөллөр. Хас биирдии оҕо сыыс отун ыраастааһыныгар, уутун кутааһыныгар барытыгар сылдьыһар. Ол кинилэр олох хаамыыта айылҕаттан тутулуктааҕын ордук билэллэргэ үрэнэллэрэ.
Маннык улахан быыстапкаҕа оҕо бэйэтин үлэтин, бэйэтэ онорбутун көрдөрүөхтээх уонна астыныахтаах диэн кытта кэллибит, төһө да хомунуута элбэҕин иһин.
Билигин биhиэхэ, республикаҕа, семенной хортуоска олох суоҕун кэриэтэ. Тимофеев Сергей диэн үөрэнээччибит дьиэтин таhыгар эксперимент быһыытынан капельный полив оҥорбута, хортуосканы сиэмэнэн олордор. Ол туһунан Сергей бэйэтэ кэпсиэ.
-Меня зовут Тимофеев Сергей. Я занимаюсь научно-исследовательской деятельностью капельный полив. Капельный полив – это способ точного полива к основанию корней растений, применяемый с целью достижения наиболее лучших результатов, а также для максимальной экономии воды. Началось все с того, что я подумал, зачем мне самому поливать, тогда, как можно купить капельный полив и установить его, так как после него будет мало сорняков, и он будет максимально экономить воду, чем при обычной поливке.
Садить начинаем в мае месяце и в августе уже собираем. Из десяти соток получаем 100 мешков. Половину продаем, половину себе оставляем. Осенью после того как урожай собрали, капельный полив обязательно нужно разобрать, так как зимой если просто так оставить он будет трескатся. В первый раз применил такой способ поливки огорода, посадил с родителями.
Кэпсэттэ:
Марианна Иванова
информационнай отдел специалиhа