"Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы" кинигэ сүрэхтэниитэ
Алтынньы 16 күнүгэр "Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы" кинигэ сүрэхтэниитигэр анаммыт үлэбитин көрдөрөр сэминээрбит буолан ааста. Дьокуускай куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнайтан барыта 50 истээччи кытынна.
Ыалдьыттары киирэр аантан алгыстаах алаадьынан айах тутан, Айыы сытын таһааран көрүстүбүт. Сэбиэдиссэйбит Галина Семеновна Николаева "Кэрэчээнэ" диэн ааппыт ис хоһоонуттан саҕалаан уһуйааммытын ис тутулун арыйда. "Айыы ыллыга" барыл бары хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр туох-ханнык барылынан үлэлииллэрин сэбиэдиссэйи иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Саргылана Андреевна Ноговицына билиһиннэрдэ.
Иитээччилэр, "Кулунчук" улахан бөлөх оҕолоро кырыымпа, хомус тыаһынан доҕуһуолугар олоҥхо аахтылар. Уһуйааммыт түмэлин көрдөрүүлэринэн бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэрэ Амелия Максимова, Надина Андреева, Таня Михайлова уонна Таня Павлова Хатас историятын, сахалыы иһиттэри, олоҥхо куукулаларын кэпсээтилэр.
Салҕыы иитээччилэр үлэлэрин көрдөрдүлэр. Манна эти-хааны эрчийиигэ сахалыы хамсаныылар, сахалыы дорҕоону туруорарга логопед сүбэтэ, Айыы оҕотун тоҕус сиэрин уйулҕаһыттар билиһиннэриилэрэ, сахалыы остуол оонньуулара, алгыһы оҕо күннүгэр туттуу, саха ыалын ытык маллара курдук сонун үлэлэр көһүннүлэр.
Уһуйаан үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, оҕолор, "Эбэлэр" Ытык сүбэлэрэ, Аҕалар түмсүүлэрэ, уһуйааммыт үлэһиттэрин үҥкүү, ырыа, фольклор бөлөхтөрө сахалыы тыыннаах эҕэрдэлэрин көрдөрдүлэр.
Сахалыы иитиигэ дэгиттэр таһаарыыларынан мэлдьи күүс-көмө буолар " С.А.Новгородов аатынан "Айар" үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин методист редактора , " Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы" кинигэбин редактордаан таһаарбыт Саргылана Федоровна Константинова, "Чуораанчык" сурунаал редактор консультана Николай Владимирович Андреев ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Оҕону сахалыы иитиигэ олоҥхо - саха үөрэҕэ буоларын бастакынан эппит, СЭДИП - саха олох олорор үөрэҕин технология оҥорбут, "Арылы Кустук" ситим научнай салайааччыта, пед.наука кандидата Екатерина Петровна Чехордуна, СӨ национальнай оскуолаларын чинчийиигэ наука өттүттэн үгүс үлэни ыыппыт Диана Гаврильевна Ефимова ыҥырыыбытын ылынан семинар истээччилэригэр ыллыктаах санааларын тиэртилэр, үлэбитигэр үрдүк сыанабылы биэрдилэр.
Кинигэ ааптара, төрүт култуураҕа уһуйааччы В.Н.Старкова:
1.Олоҥхо философията, иитэр-үөрэтэр кыаҕа оҕо саадын укулаатыгар киирбит. Бу уһун сылларга тиһиктээхтик биир ситиминэн үлэлээтэххэ тиийэр кирбии. "Кэрэчээнэ" бары үлэһиттэрэ, төрөппүттэрэ, эбэлэрэ-эһэлэрэ биир сыалга түмсүбүттэр, биир сорукка туруммуттар. Онон бүгүҥҥү сэминээр Вера Никитична кинигэтин нөҥүө 21-с үйэ сахалыы тыыннаах тэрилтэтин олоҕо-дьаһаҕа буолан көһүннэ.
Олоҥхо педагогикатын СЭДИП технологиятынан оҕону иитии, үөрэтии, сайыннарыы, уһуйуу үлэтин өр сыллаах түмүгүн биир түһүмэҕин Хатас "Кэрэчээнэ" оҕо саадыгар көрдүбүт. Оҕону олоҥхо тылынан уһуйааччы Вера Никитична Старкова иитээччилэргэ аналлаах кинигэтин билиһиннэрбит сэминээриттэн түмүк санааларбытын үллэстэбит.2.Олоҥхо - өй-санаа сайдыытын, саха тылын кылаан кэрэтин тутар айымньы. Оҕону кытары үлэлиир иитээччилэр олох философиятын кырачаан киһи таһымынан киниэхэ сөптөөх ньымаларынан тиэрдэллэрин астына билистибит. Оҕо уйулҕатын, уратытын харыстыыр сыһыаныгар тирэҕирэн, иитиллээччи айдарыгын арыйыыга сөптөөх үлэ барара бэлиэтэнэр. Кыттыбыт оҕолор саҥалара-иҥэлэрэ чуолкай, тугу кэпсииллэрин ис хоһоонун истэриттэн ылынан туран толороллор: олоҥхолууллар, кэпсииллэр, оонньууллар, көрдөрөллөр.
Харахтарыгар үөрүү кыымнаах, уостарыгар мичээрдээх бэрт сэргэх дьону-кырачааннары үөрэ көрдүбүт-иһиттибит.
Диана Гаврильевна Ефимова , Екатерина Петровна Чехордуна.