“Айыы Кыһата” Республика күнүгэр
“Айыы Кыһата” оскуоланы 2005 сыллаахха общественность, төрөппүттэр, саха интеллигенцията күүстээх өйөбүлүнэн үөрэх кыһатын быһыытынан арыйбыттара. Ол ылбычча буолбатах. Саха – омук быһыытынан хайа да кэмҥэ дьоһун өйдөөх-санаалаах уолаттарынан, күн бүгүҥҥэ диэри норуот уоһуттан түспэт үтүө ааттаах саарыннарынан сорох ардыгар көҥүл санаатын көччөх гынан көтүтэн, сорох ардыгар хара хаанын икки, көмүс көлөһүнүн икки ийэ сир ньууругар тоҕон – баччаҕа тиийэн кэллэ. Онон, киэҥник эҥсэн эттэххэ, муус устар 27 күнэ – Саха сирин дьоно-сэргэтэ бүгүҥҥү сайдыыларыгар, ситиспит кыайыыларыгар суолтата сүдү.
Ол да быһыытынан, “Айыы Кыһата” ытык иэс курдук ылынан, бу күн саха чулуу уолаттарын ааттарын ааттаан, анаан-минээн тэринэн тиийэн, А.Е.Кулаковскайга-Өксөкүлээх Өлөксөйгө, В.В.Никифоровка-Күлүмнүүргэ, П.А.Ойуунускайга, М.К.Аммосовка уонна И.Н.Бараховка туруоруллубут памятниктарга сибэкки дьөрбөтүн бүттүүн оскуоланан биир кэмҥэ уурда.
Өксөкүлээх Өлөксөй памятнигар оскуола алын уонна орто сүһүөх кылаастара, директор, Россия үтүөлээх учуутала Л.П.Шамаева, алын сүһүөх учуутала Е.Н.Тарская, ахсаан учуутала Н.М.Кульбертинова, омук тылын учуутала В.Н.Гурьева уонна оскуола төрөппүттэрэ Алексей Елисеевич саха духуобунай лидерын быһыытынан элбэх кэскиллээх үлэтин, айан хаалларбыт баай литературнай нэһилиэстибэтин харыстыыр, куруук өйдүүр уонна умнубакка илдьэ сылдьар наадалааҕын – директор Лидия Петровна бэлиэтээтэ.
В.В.Никифоров-Күлүмнүүр мемориальнай дуоскатыгар оскуола “Түмэнэ” уонна Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, саха тылын учуутала А.Л.Попова, география учуутала К.А.Ильина, нуучча тылын учууталлара С.А.Степанов, И.П.Пермякова тиийэннэр, Күлүмнүүр биһиги сайдыыбытыгар сүдү суолталаах фундаментальнай үлэлэри оҥорон хаалларбытын, культураҕа уонна бэчээт дьыалата сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах чулуу интеллигент, саха саарына буоларын кэпсээтилэр уонна памятник тутуллара саамай сөптөөх кэмэ буолбутун туһунан санааларын үллэһиннилэр.
П.А.Ойуунускай пааматынньыгар төрөппүттэр, история уонна общество учуутала Р.И.Стручкова, алын сүһүөх учууталлара Л.В.Прохорова, Н.И.Жиркова, ахсаан учуутала Н.Е.Слепцова уонна нуучча тылын учуутала Т.В.Пестерева алын уонна орто сүһүөх үөрэнээччилэрин кытта саха чулуу уолун тимир сэбэрэтигэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар уонна Платон Алексеевич саха дьолугар төрөөбүт киһи буоларын, кини ылсыбыт дьыалата барыта билиҥҥэ диэри тыыннааҕын, ону салгыы оҕолор сайыннарыахтаахтарын бэлиэтээтилэр, итиэннэ оҕолор өттүлэриттэн кини турар болуоссата – кини аатынан буолуон сөп эбит диэн кэскиллээх санааларын үллэһиннилэр.
М.К.Аммосов памятнигар оскуола алын уонна орто сүһүөх кылаастара, төрөппүттэр, история уонна общество учуутала В.В.Могдоев, алын сүһүөх учууталлара А.Е.Винокурова, омук тылын учуутала А.А.Матвеева, сатабыл учуутала Н.Н.Никулина – Максим Кирович эдэр эрээри республика сайдыытыгар, чуолаан, автономияны туруорсууга уһулуччу суолталааҕын, өссө да айар-тутар кыахтаах киһи сымыйа буруйдааһыҥҥа түбэһэн репрессияламмытын, үтүө аата кэлин эрэ тиллибитин аҕыннылар уонна сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
И.Н.Барахов пааматынньыгар оскуола алын, орто сүһүөх кылаастарын оҕолоро, төрөппүттэрэ, Аҕа түмсүүтэ кытыннылар. Исидор Никифорович киэҥ көҕүстээх, дириҥ толкуйдаах киһи быһыытынан саха сайдыытыгар кыаҕа тиийэринэн, сымыйа буруйдааһыҥҥа түбэһиэр диэри сырдык сарсыҥҥы туһугар, норуот туһугар чаҕыйлхайдык үлэлээбитин, ол үтүө холобур биһиги үлэбитигэр-үөрэхпитигэр салҕаныахтааҕын туһунан бэлиэтээтилэр, 5б кылаас уолаттарын толоруутугар литературнай композиция туруоран көрдөрдүлэр.
Ити курдук, бастакыттан уон биирис кылааска диэри үөрэнэр оҕо барыта хабыллан, бу күн дириҥ силистээҕин-мутуктааҕын, саха чулуу уолаттара ааттара эрэ буолбакка, дьыалалара тэҥҥэ тиллиэхтээҕин туһунан өссө төгүл санаатыбыт, түбүрүөн түмсэн кэскиллээҕи өйдөөтүбүт, ааспыт кэм арҕастарын тойонноотубут.
Алампа тылынан эттэххэ, “саргы-дьаалы улааттын, сахалыы саҥа сатараатын, саха омук сайыннын! Уруй!”
Рустам Каженкин,
“Айыы Кыһата” оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы,
Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ