Төрөөбүт тылы өрө тутан…
Куорат 7 № хаhыс да сылын төрөөбүт тыл,сурук-бичик сайдыытын декадата киэнник бэлиэтэнэр буолла. Быйыл эмиэ Ийэ тыл күнүттэн саҕалаан ,нэдиэлэни быhа араас тэрээhиннэр ыытылыннылар.Быйыл республикаҕа ыытыллар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олохону ааҕыыга оҕолор уонна учууталлар көхтөөхтүк кытыннылар.9 ж кылаас үөрэнэээччитэ Коля Кучутов 13 оҕо ,28 учуутал толоруутун устан,таҥан «Ноо» -видеоролик оҥорон таhаарбытын нэдиэлэ устата кэрэхсээн көрдүлэр. Олунньу 13 күнүгэр Ийэ тыл күнүгэр оскуолаҕа дьоро күн тэрилиннэ. Аhыллыытыгар Семен Данилов төрөөбүт тылга аналлаах хоhооннорун 11 кылаас уолаттара уонна эр дьон учууталлар аахпыттара олус сонуннук көhүннэ.сүргэни көтөхтүлэр.Үгэс быһыытынан сахалыыы таҥныбыт – симэммит оҕолор уонна учууталлар кыттыылаах 500 киһилээх ,оһуохай улахан түhүлгэтинэн бастакы кµн тµмµктэннэ.Сарсыныгар «Аман өс» араатардар кµрэхтэрэ буолла. Экология уонна үтүө санаа сылларыгар аналллаах темалар суруллубут сорудахтарынан оҕолор төhө кыалларынан дириҥник арыйан,уус-уран тылы-өhү туттан, дьону сэргэхситэр,ылыннарар гына кэпсиэхтээхтэр .Бу күрэххэ Леонтьев Петя 8 з, Кононова Алена 8 ж, Антонов Айаал 9 в, Иванова Аина 5ж ситиhиилэннилэр.П.Н.Тобуруокап 100 сааһыгар аналлаах «Кµндµттэн кµндµнµ ,олоҕу туойбутум» литературнай биэчэр ураты долгутуулаахтык ааста.Биэчэри үөрэнээччилэр Кириллина Вика 10 б,Алексеев Денис 9 в иилээн-саҕалаан ыыттылар.Петр Тобуруокап кыра оҕолорго анаабыт хоhооннорун 2 а кылаас оҕолоро (уч.Иванова С.Р.) олус иэйиилээхтик ааҕан ыалдьыттар СР народнай артыыската З.П.Багынанова, П.Н.Тобуруокап музейын директора И. Е. Чычахов махталларын ыллылар.Талааннах поэт тылларыгар суруллубут ырыалары оҕолор ,учууталлар,төрөппүттэр астына-дуоhуйа толордулар.Зал иhигэр мустубут сүүhүнэн оҕо поэт сүдү талаааныгар сүгүрүйэн,сөҕө –махтайа иhиттилэр.Ыалдьыттар оҕолор поэзияны сэҥээрэллэрин,сахалыы ырыаны-тойугу истэллэрин хайҕаатылар уонна П.Тобуруокап хоhоонугар аналлаах компакт-диискэ уhулларыгар кыттарга ыҥырдылар.
Чэппиэр күн оскуола уолаттара «Ɵбүгэ оонньуулара» күрэххэ кытыннылар.Манна ким кµµстээх,сылбырҕа - ол кыайыылааҕынан таҕыста. «Театр уонна оҕолор» тэрээhин чэрчитинэн сыл аайы ыытыллар кµрэхпитигэр саха суруйааччыларын айымньыларыгар 11 инсценировка оонньонно. Дьүүллүүр сүбэҕэ П.А.Ойуунускай аатынан Саха театрын артыыстара:Куприян Михайлович, Мотрена Седельникова үлэлээтилэр. Оҕолорго толорбут оруолларын ырыттылар,сүбэ-ама биэрдилэр,дьоҕурдаах оҕолору бэлиэтээтилэр.Тµмµктэригэр ыллаан,хоhоон ааҕан, толорбут оруолларыттан быhа тардан оҕолору үөртүлэр. Оруолу бастыҥ толорооччунан буоллулар: Уларов Сайдам 8 з, Егоров Тамерлан 8з, Алексеева Тома 8в, Оконешников Давид 7 з ,Матвеев Ньургун 8ж. Маны таhынан 11 оҕо араас номинацияларга бэлиэтэннилэр. Саха тылын тотальнай диктаныгар 418 оҕо кытынна. Ити курдук нэдиэлэ устата төрөөбүт тылы,литератураны билиини хаҥатар, сайыннарар тэрээhиннэр,күрэхтэр ыытылыннылар.Манна улахан көмөнү оҥорбут «Бичик» кинигэ издательство директорыгар Август Васильевич Егоровка, П.А.Ойуунускай аатынан Саха театрын директорыгар Анатолий Павлович Николаевка, артыыстар З.П.Багынановаҕа, К.В.Михайловка, М.И.Седельниковаҕа, П.Н.Тобуруокап аатынан музей директора И,Е, Чычаховка барҕа махталбытын тиэрдэбит.Сахам тыла сайда, тирэҕирэ , чэчирии турдун! Төрөөбүт тылын билэр,төрүт культууратын иҥэриммит,онон киэн туттар оҕо,ыччат элбээн истин!
Петрова Жанна Николаевна, саха тылын,литературатын учуутала.